«Сүүрэр-көтөр оҕо саас» эстафета Оҕо көмүскэлин күнүгэр ананна

Нам улууһугар Оҕо спордун сылынан уонна Аан дойдутааҕы Оҕо көмүскэлин күнүнэн «Түһүлгэ» норуот айымньытын киинэ уонна Н.П. Габышев аатынан «Эрчим» спорт дьиэтин тэрийиилэринэн Хамаҕатта нэһилиэгин түөлбэлэрин икки ардыларыгар «Сүүрэр-көтөр оҕо саас» оҕолорго «Көрдөөх стартар» эстафета буолла. Ол хаамыытын  «Түһүлгэ» норуот айымньытын кииниттэн Татьяна Гаврильева иһитиннэрдэ:

— Ыам ыйын 31 күнүгэр, күнүс 12 чаастан «Эрчим» спорт саалаҕа түөлбэлэртэн аҕыстыы оҕолоох (4 кыыс, 4 уол) Арыы Тиит (кап. Лева Охлопков), «Сайдам» (кап. Алеша Петров), «Кытыл» (кап. Арылхан Осипов) уонна биир көрөөччүлэртэн хомуллубут «Кристина» (кап. Кристина Васильева, 7 кыл., ХСФЛ) хамаандалар 7 түһүмэхтээх күрэххэ сытыытык кииристилэр. Хамаандаларга 10-14 саастаах оҕолор кыттаннар кыайыылааҕынан «Кытыл» түөлбэ таҕыста, иккис «Кристина» хамаанда, үһүс  «Сайдам» түөлбэ буоллулар, спортсменнар бары мэтээл кэттилэр, бириис туттулар. Ону таһынан нэһилиэк баһылыга Евгений Ушницкай оҕолору бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн минньигэс тордунан күндүлээтэ.  «Тускул» уһуйаан иитиллээччитэ, элбэх ырыа күрэҕин кыайыылааҕа Сардаана Колосова музыкальнай эҕэрдэтин тиэртэ.

Оҕо сортивнай бырааһынньыгын тэрийиигэ «Эрчим» директора Андриан Протодьяконов, общественнай сэбиэт салайааччыта Сандаара Оротоо, ыччат лидерэ Рустам Зоиров, түөлбэ салайааччылара Марфа Харитонова, Люция Ушницкая, Саргылана Зоирова үлэлэстилэр.

Нэһилиэкпит орто оскуолата спортивнай хайысхалаах буолан, оҕолор эт-хаан өттүнэн бэлэмнээхтэрэ көһүннэ, бырааһынньыктааҕы көрдөөх стартар өрө күүрүүлээхтик, оҕо-аймах үөрүүтэ доҕуһуоллаах аастылар, — диэн Татьяна Гаврильева бэлиэтиир.

Мария Винокурова