5 ыстакаан сүөгэйгэ 75 г бурдугу ытыйан баран, оһоххо итии турар хобордооххо буһараллар. Буһарар кэмҥэ тохтоло суох булкуйуллар.
Саламаат үрдүгэр кэлимсэ арыыта таҕыстаҕына буһарыы тохтотуллар. Бу саламаат буһарыыта түргэнинэн ордук табыгастаах.
Саламааты буспут хобордооҕор остуолга аҕалан ууруллар эбэтэр тус-туспа анал иһиттэргэ бэриллэр.
Иннокентий Тарбахов
«Өбүгэ алгыстаах аһа» кинигэтиттэн

