Төрөөбүт тылгын төһө билэҕин?

Оҕо мэҥэтэ

Кыһыл Сыыр дэриэбинэтигэр Прокопий Дмитриевич Соловьев оҕонньор олорор. Сэттэ уоммар тиийэ сылдьабын диэбитэ бу күһүн. Дойдутугар—сиригэр дьон-сэргэ ытыктабылынан туһана сылдьар кырдьаҕас. Үлэни үлэлээбит, сири-уоту билэр, айаҕа аһылыннаҕына, кэпсээннээх даҕаны «Борокуопайы кытта кэпсэтиэҥ этэ», — диэн буолар.

Бу күһүн киниттэн Таастаах сирдэрин суруйбутум. Ол онтон бүгүн биир сир туһунан кэпсиим. Ааҕыҥ эрэ Соловьев сэһэнин.

«Оҕо Мэҥэтэ – алаас. Былыр ол алааска куһаҕан оҕо төрөөбүтэ үһү. Ол оҕону араҥастаабыттар. Тиити чуукка курдук быспыттар уонна ортотунан хайа охсубуттар. Ол хайытан икки өттүн оҥхойдуу хаспыттар. Ол иһигэр ол оҕону уган бараннар, сигэнэн икки баһын кэлгийэн кэбиспиттэр уонна ачаахтаах тиити үөһээ өттүн лэппэйэн быһан баран, ол ачааҕар кыбытан кэбиспиттэр. Дьэ, ол турар билигин. Ону Суорун Омоллоонноох көрбүттэрэ, аһан. Хаартыска бөҕөҕө устубуттара. Кээмэйдээбиттэрээҥиннээбиттэрэ. Ол иһин ити сири Оҕо Мэҥэтэ диэн ааттаабыттар үһү».

Дьэ, билигин бу кэпсээни ырытыаҕыҥ.

Оҕону араҥастаабыттар. Ол аата оҕо уҥуоҕа баар эбит буалааска. Ол иһин кинини Оҕо Мэҥэтэ диэн ааттаабыттар.

Тугуй ол аата? Мэҥэтэ диэн ол аата Оҕо уҥуоҕа диэн буолар дуо?

Мэҥэ?! Маннык ааттаах топоним диэн Саха сирин үрдүнэн муҥура суох элбэх. Олору барытын испииһэктиирбит хайдах да кыаллыбат. Онон, арай, Нам сиригэр бааллары көрүөҕүҥ.

1926 с. биэрэпискэ ити таастаахтааҕы Оҕо Мэҥэтин сэргэ Арбыҥҥа Мэҥэ, 1 Модукка Мэҥэ Тиит, Салбаҥҥа Мэҥэлээх диэн кыстыктар бааллара суруллубут. Өссө бааллар Мэҥэ – Модукка, Мэҥэ Алаас – Көбөкөҥҥө, Тойон Мэҥэтэ – Никольскайга.

Туох суолталаах тылый бу?

Мэҥэ халлаан диибит. Урут итини мэҥэ таҥара дииллэр этэ. Ол аата үрдүк, муҥура биллибэт халлаан диэн буолар.

Аны. Мэҥэ диэн өлбөт үйэлээҕи, үйэ тухары баары, сүппэти-оспоту ааттыыбыт. Ол иһин, холобур, фольклорбутугар өлбөт мэҥэ уута диэн баар. Ол уу киһини өлбөт үйэлиир, өссө ону ааһан баран, өлө да сытар буоллаххына тилиннэрэр.

Субу мантан мэҥэ иккис суолтата тахсан кэлэр – киһи уҥуоҕа диэнэ.

Киһи уҥуоҕун (мэҥэтин) эргийии олус былыргыттан кэлэн иһэр абыычай. Биһиэхэ сыһыаран өйдүүр буоллахха, инньэбылыргы тюрдартан.

Былыргы тюрдарга өлбөт үйэлээх диэн суолталаах бэҥтү, мэҥтү, мэҥи, мэҥкү, мэҥү диэн тыллар бааллара үһү. Ол дьон уонна хайаҕа сурук суруйар идэлээхтэрэ үһү уонна оннук хайаны мэҥкү хайа, ол аата мэҥэ хайа диэн ааттыыллар эбит. Бу хайаҕа сурук сурулунна, ол онон кини өлбөт үйэлэннэ диэн саныыллар эбит. Өлбөт үйэлээри сурук суруйаллар

Бэнтү былыргы тюрдарга өссө иккис өйдөбүллээх – өйдөбүнньүк (памятник) диэн. Бэҥгү уонна синонимнардаах: бэҥкү, бэҥү.

Туох эмит уһулуччу суолталаах суолу өлбөт үйэлээртгыннахтарына, ол туһунан тааска суруйан баран, ол тааһы туруоран кэбиһэллэр. Ол таас аата – бэҥгү таш эбэтэр бэҥүташ. Сахалыыта – мэҥэ таас.

Итинник таастары, холобур, туруортууллар этэ уһулуччулаах дьон ииннэрин үрдүгэр. Историяҕа ол курдук биллэллэр Кюль Тегин, Тоньухух, Билгэ хаҕан мэҥэ таастара. Ити таастар тустарынан сиһилии билсиэххэ сөп,холобур, 1970 с. Дьокуускайга сахалыы тылынан тахсыбыт СГУ профессора Н.К. Антонов «Былыргы тюрк тыла (VI—VIII үйэлэр)» кинигэттэн.

Ити аата былыргы тюрдар киһини өлбөт үйэлээри аатын-суолун, олорон ааспыт олоҕун үйэ тухары биллэрэ тураары,иинин үрдүгэр мэҥэ тааһы туруораллар эбит. Ол онтон ыла киһи көмүллэ сытар сирэ ким эрэ мэҥэтэ, мэҥэ диэн ааттанан барар.

Аны билигин былыргы өбүгэлэрбититтэн тохтуу түһүөҕүҥ уонна бэйэбитигэр кэлиэҕиҥ.

Саха сирин бүтүннүүтүн үрдүнэн бааллар, холобура, Ойуун Мэҥэтэ, Эмээхсин Мэҥэтэ, Дьахтар Мэҥэтэ, Оҕонньор Мэҥэтэ, Киһи Мэҥэтэ. Мэҥэ Анна, Мэҥэлээх Тумуһах эҥин диэн үгүс топонимнар.

Итинник элбэх топонимнар Саха сирин үрдүнэн бааллара киһи уҥуоҕун урукку өттүгэр, син былыргы тюрдар курдук,саха дьоно киһи мэҥэтэ диэн ааттыы сылдьыбыттарын бигэргэтиһэр. Саха дьоно Саха сирин бүтүннүүтүн үрдүнэн. Ол гынан баран, холобур, Саха сирин киин өттүгэр ити тыл адьаһын умнуллубут. Арай, ити Соловьев курдук оҕонньоттор биирдиилээн эмит үһүйээннэри өйдүү сылдьаллар, киһи уҥуоҕа киһи мэҥэтэ диэн ааттанар диэн.

Ити гынан баран, мэҥэ адьас таһыччы умнулла илик. Ылыҥ 1976 с. Москваҕа тахсыбыт «Саха тылын диалектологическай тылдьытын». Онно мэҥэ араас—араас оройуоннарга билиҥҥэ диэри үс өйдөбүлгэ туттулла сылдьарын туһунан суруллубут. Ленскэй дьоно киһи уҥуоҕун тас маһын мэҥэ дииллэр. Халымалар уонна Бүлүү дьоно – киһи уҥуоҕун (могила, кладбище). Оттон Үөһээ Бүлүү дьоно былыргы дьон өлүктэрин: кырамталарын араҥастарыттан түһэрэн, көммүт кини, көмөр сири.

Көрөргүт курдук, итилэри барыларын биир өйдөбүлгэ түмүөххэ сөп эбит: Мэҥэ – киһи уҥуоҕа, киһи көмүллүбүт сирэ.

Түмүктээн этэр эбит буоллахха, Прокопий Дмитриевич оҕонньор олус былыргы, дириҥ силистээх тыл өйдөбүлүн, үһүйээн гынан, өйдүү, кэпсии сылдьар эбит. Дьэ, ити иһин этэбит ээ, кырдьаҕастар кэпсээннэрин, омос истэргэ суолтата да суох курдук буолбутун иһин, сыыскатүһэрбэккэ, бэлиэтэнэн иһэр буолуохха диэн.

Багдарыын Сүлбэ

Читайте дальше