Түбэҕэ дьиэ таһынааҕы хоккей сэргэхтик ыытылынна

Наммыт улууһугар Оҕо спордун сылынан, ону тэҥэ бу дьыл бэс ыйын 5-9 күннэригэр Нам улууһугар “Спортивные якутяне” өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэнээччилэр спартакиадалара буоларынан, Түбэ нэһилиэгэр кулун тутар 30 күнүгэр олохтоох дьаһалта уонна Иван Новиков көҕүлээһиннэринэн «Дьиэ таһынааҕы хоккей» оонньуута тэрилиннэ.

Кырдьыга даҕаны, бу күн нэһилиэк дьоно, оҕолор тоҕуоруһа мустаннар күннэрин бэрт сэргэхтик атаардылар. Түөлбэлэринэн хамаандаҕа арахсан улаханныын, кыралыын кииристилэр, бэл 6 саастаах уолаттар «Я люблю хоккей!» диэн тыллаах сүүрэкэлээтилэр. Хас биирдии хамаандаҕа минньигэс торт туттардылар уонна биирдиилээн оонньооччуларга анал бириис бэлэх ууннулар. Ыалдьытымсах Түбэ нэһилиэгин «Айхал» сынньанар киин директора Дария Попова үлэһиттэрин кытта ыалдьыттарга итии үүттээх чэй, алаадьы, тоҥ балык кыһан маанылаатылар.

Манан сылыктаатахха, оҕолорбутугар нэһилиэк аайы, кыратык эмит көҕүлээн хамсааһыны таһаардахха кимнээҕэр үлүһүйэн оонньуо эбиттэр диэн түмүккэ кэллибит. Манна эбии, Түбэ олохтоохторо улууспут нэһилиэктэрин общественноһыгар спорт хайа баҕар көрүҥэр оҕолорго күрэс тэрийэллэригэр ыҥырыы таһаардылар.

Лена Корякина