Норуот үөрэҕириитин сайдыытыгар сүдү кылааттаах учуутал

Эн ааккар таптал эрэ –

Элбэх көлүөнэлэртэн!

Эн ааккар махтал эрэ –

Этиллэр кинилэртэн!

 

“Оскуола – иккис дьиэ, оттон учуутал иккис ийэ буолар”. Учуутал диэн тыл улахан буукубаттан  суруллуохтаах диэн мээнэҕэ этиллибэт. Кини үлэтэ-хамнаһа ураты. Күнтэн күн,  сылтан сыл элбэх оҕону үөрэтэр-такайар, олох аартыгар үктэннэрэр. Ол инниттэн хас биирдии үөрэнээччитигэр күүһүн, сыратын-сылбатын биэрэр.

Хайа баҕарар үлэҕэ өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн сайдарга, сөптөөх хайысха буларга  биллэр-көстөр, сабыдыаллыыр ураты кыахтаах дьон баар буолар. Оннук тумус туттар дьонтон биирдэстэринэн математика учуутала Светлана Кузьминична Рехлясова буолар.

РФ үөрэҕириитин үтүөлээх учуутала, «Старший учитель» бэлиэ хаһаайына Светлана Кузьминична үөрэхпит кыһатын историятыгар, И.С. Гаврильев аатынан 1 №-дээх орто оскуолаҕа, дьоһун үрдүк аакка киирсэр. Кини бэриниилээх үлэтин, уус учуутал буоларын сиһилии сырдатыым.

Төрөппүттэрэ Нам улууһугар киэҥник биллэр үтүөкэннээх учууталлар этилэр. Ийэтэ, Елизавета Авксентьевна, начальнай кылаас уонна үлэ уруогун учуутала этэ, аҕата, Кузьма Петрович Суздалов, саха тылын учууталынан үлэлээбитэ. Төрөппүттэрин утумнаан Светлана уонна бииргэ төрөөбүт балта Валентина  ураты суоллаах-иистээх, ытыктанар учууталлар буола үүммүттэрэ.

Эдэркээн киһи педагогическай үлэтин Нам улууһун Хамаҕатта орто оскуолатыгар математика учууталынан саҕалаабыта.

Онтон 1972 сылтан 10 сыл устата улууска Нам оройуонун методическай кабинетын сэбиэдиссэйинэн, инспекторынан үлэлээбитэ. Бу сыллар тухары математика, физика, информатика учууталларын методическай холбоһуктарын салайан, айымньылаахтык үлэлээн, элбэх өрүттээх үлэни ыыппыта. Улуус үрдүнэн бастыҥ үлэлээхтэр ахсааннара элбээбитэ.

Ол саҕана Светлана Кузьминичнаны кытта бииргэ үлэлээбит коллегалара бу курдук ахталлара: учууталлар үлэлэрин, уруогу ырытыыны, үлэлээбит түмүктэрин тириэрдэр ыспыраапканы Светлана Кузьминична табатык аҕыйах тылынан сыаналыыра. Ити кини идэтинэн математик идэлээх буолан, учуутал алҕаһын, эбэтэр үтүөтүн бэргэнник бэлиэтиирэ. Салайааччы да буолан буолуо, идэҕэр наадалаах туох баар итэҕэһи-быһаҕаһы барытын сирэйгэр этэрэ, уруогу бары ирдэбилинэн кытаанахтык ырытара. Мунньахтарга түмүктүүр, быһаарыылаах, сүҥкэн этиилэри үксүгэр Светлана Кузьминична этэрэ.

Онтон 1984 сылтан 1990 сылга диэри Нам 1-кы №-дээх орто оскуолатыгар директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччынан, кэлин математика, физика, информатика учууталларын методическай холбоһуктарын салайааччытынан үрдүк көрдөрүүлээхтик үлэлээбитэ.

Оччотооҕу кэмҥэ сайыннарыылаах үөрэтии, национальнай концепцияны олоххо киллэрии – үөрэҕирии сүрүн хайысхата этэ. Элбэх тематическай педсоветтар, методсоветтар ыытыллыбыттара, творческай инициативнай холбоһуктар тэриллибиттэрэ. 1990 сыллаахха «Пути реализации учебно-воспитательного процесса» диэн тиэмэҕэыытыллыбытоскуолалар икки ардыларынааҕы методическай үлэлэри көрүүгэ, биһиги оройуоҥҥа да, республикаҕа да бастакы миэстэни ылбыппыт. Светлана Кузьминична бу үлэтэ биһирэнэн, Учууталлар билиилэрин үрдэтэр институтугар киллэриллибитэ, инники үлэбитигэр алгыс түһэрбит эбит диэхпин баҕарабын.

Ытык-мааны учууталбыт сүбэтинэн, «Об опыте работы методического объединения по распространению педагогического передового опыта» диэн тиэмэҕэ дакылааттары түмүү киэҥ биһирэбили ылбыта. Математика учууталларын  Колмогорова Елизавета Егоровна уонна Лидия Степановна Рехлясова региональнай задачалар экспериментальнай хомуурунньуктарынан оҥоһуллубута. Бастыҥ аһаҕас уруоктар уһуллан оройуон методическай-техническэй киинигэр туттарыллыбыттара.

Методикаҕа туох саҥа баарын билиһиннэрии эрэ быһыытынан буолбакка, онно бэйэтин сыһыанын, биһиги оскуолаҕа хайдах, тугу көдьүүстээхтик туһаныахтаахпытын ырытара, дьүүлгэ туруорара, этиилэрбитин түмэрэ, ирдиирэ.  Кимиэхэ ханнык ньыма ордук табылларын бэлиэтии көрөрө, сүбэлиирэ, предметник быһыытынан үүнэллэригэр кыах биэрэрэ.

Оскуолабытыгар предметтэри хайысхалаан уонна дириҥэтэн үөрэтэр кылаастар арыллыбыттара. Бу үлэни сүрүннүүргэ, тэрийэргэ Светлана Кузьминична үлэтэ сүҥкэн, 1994 с. техническэй кылаас базатыгар Нам улуустааҕы гимназията аһыллыбыта. Методическай үлэ таһыма  үрдүгэ, предметнэй холбоһуктар сүрүн оруолу ылаллара манан дакаастанар.

Норуот үөрэҕириитин сайдыытыгар сүдү кылааты киллэрбитэ. Ол үөрэнээччи инники олоҕор бэлэмнээх, үөрүйэх буоларыгар кыһанарыттан этэ. Математика курдук уустук предмеккэ оҕо дьоҕурун сайыннарыыга бэйэтинэн холобурдаан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Уруоктарыгар араас саҥа сүүрээннэри, айымньылаах сорудахтары, саҥа педагогическай ньымалары туттар буолан атыттартан ураты этэ. Үөрэх хаачыстыбата лаппаүрдээбитэ.  Биир халыыптаах уруоктар оннугар, араас оонньуулар, викториналар, өйгө суоттааһын, лекциялар, семинардар, зачеттар, билиэтинэн үлэлэр о.д.а кыайа туттар этэ.  Үөрэнээччилэргэ бэйэ-бэйэни истэр, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөр, эппиэтинэстээх буолар үөрүйэхтэри иҥэрбитэ. Араас интэриэһинэй кылаас таһынан үлэҕэ наһаа сатабыллаахтык оҕолорго анаан бииртэн-биир умсугутуулаах тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыытара. Ол курдук,  Архимед турнира, интеллектуальнай куонкурустар уо.д.а. Араас хайысханан үөрэнээччилэргэ чинчийэр үлэни эмиэ тэрийэрэ.

Светлана Кузьминична математикаҕа дьоҕурдаах оҕолор уһаарыллан тахсалларын туһугар үлэ ыытара, республиканскай кэтэхтэн үөрэх салаатыгар, «Дьоҕур» физико-математическай оскуолатыгар дьарыктатара. Ыччаттарбыт «Мустакимовскай олимпиадаларга» кыттыбыттара, улуус, региональнай олимпиадалар кыайыылаахтара уонна призердара буолбуттара. Кини үгүс выпускниктара  И. М. Губкин аатынан “Нефть уонна газ” институтугар, Н. Э. Бауман аатынан үрдүкү техническэй училищетыгар, СГУ финансовай-экономическай институтугар уо.д.а үөрэх кыһаларыгар ситиһиилээхтик  туттарсан,үөрэнэн, идэлэнэн таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьалларын киэн туттан бэлиэтиибин.

Аны кабинет үлэтэ. Мэлдьи саҥардан, тупсаран, оҕо болҕомтотун тардар, үөрэнэригэр көмөлөөх гына сэргэх кабинеттааҕа. Кабинет тас көстүүтүнэн эрэ буолбакка, ис хоһоонунан тиэмэнэн наардаммыт сөптөөх дидактическай матырыйаалларынан, үөрэтии техническэй средстволарынан, көрдөрөн үөрэтэр пособиеларынан,  кылаас хас биирдии оҕотугар толору эппиэттиир буолара. Үгүс кыһамньытын биэрбитин өйдөөн, бүгүҥҥү күҥҥэ 4 толору сиппит-хоппут математика кабинета тиһигин быспакка үлэлиир.

Математика, физика уонна информатика учууталларын методическай холбоһугун учууталлара билигин даҕаны Светлана Кузьминична олохтоон хаалларбыт үтүө үгэстэрин салгыыбыт, сайыннарабыт. Ол курдук, оҕо-аймах билиитин таһыма үрдээтин диэн, математика үрдүк кирбиитин баһылыан баҕалаах, дьоҕурдаах оҕоҕо анаан 2010 сылтан саҕалаан «Олимп успеха» бырайыакпытын олоххо киллэрэн сайыннаран иһэбит.

Бырайыакпыт биир сүрүн хайысхатынан оҕону наукаҕа сыһыарыы буолар. Үөрэнээччи научнай култуурата үрдүүрүн, кини чинчийэр уонна проектнай үлэ дисциплинэтигэр наадалаах билиини ыларын туһугар ситиһиилээхтик үлэлиир учууталларбытынан буолаллар: Колесова А.П. (физика учуутала), Шелковникова М.В., Колпашникова Н.Д. (математика учууталлара). Кинилэр иитиллээччилэрэ улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» уонна араас таһымнаах НПК-ҕа ситиһиилээхтик кыттан оскуолабыт аатын дорҕоонноохтук ааттаталларынан киэн туттабыт.

Бастыҥ киһибит 1992 с. көҕүлээбит уонна тэрийбит «Смекалка» диэн өйгө суоттааһыҥҥа куонкуруһу сылын аайы ыытабыт. Онтон 2017 с. бу куонкуруспутун ытыктыыр учууталбыт Баишева П.Д. сырдык кэриэһигэр, үтүө аатын үйэтитээри, үс оскуола оҕотун холбоон (Е.М. Шапошников аатынан Хамаҕатта орто оскуолата, И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолата уонна биһиги оскуолабыт) ыытарбыт. Спонсордарынан Пелагея Даниловна төрөппүт оҕолоро уонна кини 1978 с. 10 «б» кылааһын выпускниктара буолаллар. Конкурс сүрдээх тыҥааһыыннаахтык, өрө күүрүүлээхтик ааһар уонна сылын аайы уолаттар кыттыыларын ахсаана быдан баһыйара үөрдэр.

Маны таһынан, учуутал, оҕо, төрөппүт бииргэ үлэлээтэхпитинэ үлэбит өссө көдьүүстээх буолар диэн санааттан салайтаран, 2008 с. төрөппүт уонна оҕо кыттыылаах хамсааһыннары киллэрбиппит. Холобур, 4-6 кылаастарга «Математика для всех», 7-8 кылаастарга «Математика + Физика + Информатика = Интеллект». Сылын аайы олус долгутуулаах буолар диэн бэлиэтиибит.

2005 сылтан кү -бүгүҥҥэ диэри Светлана Кузьминична дьиэ кэргэнэ уонна биһиги холбоһукпут  математика, физика уонна информатика олимпиадаларыгар, араас таһымнаах куонкурустарыгар үрдүк ситиһиилээх 2 оҕоҕо анаан Светлана Кузьминична аатынан стипендия туттарабыт. Оҕо билиитин хаҥатарыгар, сайыннарарыгар улахан стимул буолара саарбаҕа суох. Стипендиаттарбытын кытта истиҥ көрсүһүүлэрбит үтүө үгэс буолбуттара. Бу үтүө быһыы үгүс оҕоҕо инники идэтин таларыгар туруу күүс буолуо диэн бигэтик эрэнэбит.

2011 сылтан биһиэхэ үлэлээн ааспыт, ытыктыыр учууталларбыт үтүө ааттарын үйэтитээри улуустааҕы олимпиадалары, математическай бырааһынньыктары, «Дьоҕур» физико-математическай фестивалларын ыытабыт. Ыытар тэрээһиннэрбит спонсордарынан стипендияттарбыт уонна выпускниктарбыт буолаллар. Математика уонна информатика институтун уонна Республиканскай лицей интернат преподавателлэрин кытта бииргэ иилээн-саҕалаан ыыппыт уонна ыытар салайааччыбытыгар, «Наука дьоҕус академиятын» проректорыгар Галина Александровна Семеноваҕа махталбытмуҥура суох. Преподавателлэри кытта утумнаахтык үлэлээммит араас таһымнаах тэрээһиннэргэ кыттар оҕо ахсаана элбээтэ. Выпускниктарбыт математикалаах, физикалаах, информатикалаах үөрэхтэргэ тардыһан, сөбүлээн киирэллэриттэн олус үөрэбит.

Биһиги үөрэнээччилэрбит Ленскэй кыраайга «Наука дьоҕус академиятыгар», «Академия успеха», «Малая физическая академия» эбии үөрэхтээһин кииннэригэр утумнаахтык дьарыктаналлара инники туруоруммут сыалларын ситиһэргэ дьулуурдарын күүһүрдэр. 2014 с. республикабыт математикаҕа, физикаҕа дьоҕурдаах оҕолорун кытта биһиги 4 үөрэнээччибит Болгарияҕа сынньанан, үөрэнэн, сайдан кэлбиттэрэ. 2019-2020 үөрэх сылыгар 3 выпускникпыт үөрэххэ киирэллэригэр эбии баал ылбыттара, баҕалаах үөрэхтэригэр киирбиттэрэ, биһиги иитэр-үөрэтэр үлэбитигэр өссө да үрдүк ситиһиилэри, үөрэтиибит хаачыстыбата үрдүүрүгэр эрэннэрэллэр.

Бу барыта бастыҥтан-бастыҥ киһибит Светлана Кузьминична хас биирдии ылыммыт дьыалатын туһугар турууласпытын үтүө холобур оҥостон, өйүн-санаатын былаах курдук өрө тутан илдьэ сылдьарбытыттан, ырааҕы өтө көрөр сүдү учууталы кытта бииргэ алтыһан үлэлээбиппититтэн ситэн-хотон тахсар. Кини бары өттүнэн дьоҕурдааҕа,  сатаабатаҕа, кыайбатаҕа диэн суоҕа, дэгиттэр уонна тумус туттар киһибит этэ.

Учуутал буолар аналлаах, киэҥ толкуйдаах, принципиальнай салайааччы уонна наставник, бэйэтин предметин бэркэ билэр, талааннаах математик диэн  үөрэнээччилэрэ да, коллегалара да, төрөппүттэр да, кинини кытта алтыспыт дьон билиҥҥэ диэри ахталлар, туоһу буолаллар.

2004 сыллаахха Светлана Кузьмина Рехлясова  суох буолбута… Бу улахан сүтүк этэ…

Түмүкпэр, суруйааччы айымньыларынан, худуоһунньук хартыыналарынан, онтон учууталга үөрэнээччилэрин санаата, үөрэҕэ, инники үлэтэ, ол аата олоҕо — барыта. Оҕолору үөрэтэр — чэпчэкитэ суох үлэ, Светлана Кузьминична ону кыайбыта. Кини үтүө санаата хас биирдии үөрэнээччитин, коллегатын этигэр-хааныгар иҥэн, кинилэр үгүс үтүө дьыалаларыгар салҕанар, сайдыы суолун тутуһар,  ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ саҥаттан саҥа хайысхалары тобулар, кэскиллээх саҕахтары арыйар.

 

Л.С. Рехлясова, 1 N-дээх Нам орто оскуолатын математика учуутала,

РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ