Партизан нэһилиэгэр Россияҕа Аҕа дойду көмүскээччилэр, Саха сиригэр Ийэ дойду көмүскээччилэр, Нам улууһугар Кыайыы сылларын “Улуу кыайыыны уруйдуубут” диэн арыйыы тэрээһинэ олус долгутуулаахтык буолла.
“Кыайыы суолунан” диэн былаахпыт “Айылгы” сынньалаҥ киинигэр кэллэ. Манна Япония сэриитигэр сылдьыбыт ветераннарбыт тустарынан кинилэр оҕолоро Иванов Николай Семенович, Барамыгин Кирилл Егорович, Сысолятин Дмитрий Романович, Яковлев Василий Андреевич олус долгутуулаахтык кэпсээтилэр. Сэрии кыттыылаахтара оччотооҕу сэрии туһунан олох кэпсээбэттэр эбит. Кинилэр эйэлээх олоххо кэлэннэр үлэ үөһүгэр түһэн, үлэлээн-хамсаан, оҕо-уруу төрөтөн үтүө суобастаахтык олорбуттара.
Тыыл ветерана Клара Николаева, сэрии оҕолоро Александра Атласова, Василий Сыромятников, Иван Иванов уонна байыаннай дьайыы байыастара Дьулустан Протопопов, Аян Христофоров, Иннокентий Винокуров күндү ыалдьыт буоллулар.
“Улуу кыайыыны уруйдуубут” иккис чааһыгар, сэрии оҕото Дмитрий Кривошапкин ситии-ситим суолунан диэн 85 сааһыгар аналлаах тэрээһин буолла. Сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ күргүөмүнэн олоҥхолоотулар.

Полина Скрябина

