Хотугу сахалар күн киирэр ыйа диэн ааттыыллар.
Ахсынньы ыйга аам-даам тымныы түһэр.
Дьон үксүгэр дьиэлэригэр олороллор. Бу кэмҥэ остуоруйа, кэпсэтии, остуол оонньуулара дэлэйэллэр. Сахаҕа киһи өйүн уһугуннарар таҥара Билгэ Хаан дэнэр. Кини дьоҥҥо чугаһыыр.
Ахсынньы ыйга кыһыны, сайыны билгэлииллэр.
Ахсынньыга хаар, тыал буоллаҕына, бэс ыйыгар хаһыҥ күүтүллэр.
Түүмэхтээх буоллаҕына, өҥ сыл битэ дииллэр. Ахсынньы бүтүүтүн диэки сис былыт кэлэр.
? Светлана Кутукова

