Амбулатория саҥа дьиэтэ дьэндэйдэ

Былааннаммыт үлэ бүтэн олоххо киириитэ улахан ситиһии. 2 Хомустаах саҥа бөһүөлэгэр биир улахан суолталаах тутуубут – саҥа амбулатория дьиэтэ үлэҕэ киириитэ буолла. Ааспыт нэдиэлэҕэ аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах, толору хааччыллыылаах, саҥа медицинскэй оборудованиенан хааччыллыбыт амбулаторияҕа көһөн киирэн, бээтинсэттэн ыарыһахтары көрөн үлэлээтилэр. Манна фельдшеринэн 2023 с. Дьокуускайдааҕы медколледжы бүтэрбит эдэр специалист Владислав Бочуров бу күһүҥҥэттэн үлэлиир.

Амбулатория иһигэр аптека хоһо муус устар 15 күнүттэн олохтоохторго удамыр сыанаҕа эми-тому атыылаан үлэтин саҕалаабыт. Эппиэттээх үлэһитинэн балыыһаҕа идэтинэн медсиэстэрэнэн үлэлээбит Зинаида Максимова анаммыт. Эльза Стручкова – анализ тутар лаборант, медсиэстэрэ үлэтин эмиэ толорор. Бу күннэргэ үөрэх тэрилтэлэригэр диспансеризация ыыта барыахтаахтар. Балыыһа тутаах техүлэһиттэрэ, олохтоох дьон – Марфа Тимофеева ис-тас үлэҕэ, Анна Новгородова таҥас сууйуутугар, дьиэни-уоту ыраастык тутууга кыһамньылаахтык үлэлииллэр.

Амбулатория үс куойкалаах стационарыгар быраас ананан кэллэҕинэ, билигин олорор үлэһиттэр үлэлэригэр тахсыахтаахтарын туһунан фельдшер Владислав Емельянович сырдатта. Кини эбии өссө медицинскэй тэриллэр, тутуу матырыйаала кэлиэхтээҕин, территорияҕа кладовка, туалет, олохтоохтор күүстэринэн оҥоһуллуохтааҕын, амбулаторияны үөрүүлээхтик аһыы, быһа холуйан, СӨ күнүгэр – муус устар 27 күнүгэр ыытыллара былааннанарын эттэ.

Таарыччы ахтан аастахха, бырааска толору хааччыллыылаах олорор дьиэ уонна бу саҥа амбулатория үлэҕэ киирэн усулуобуйа толору баар диэхпитин сөп. Онон олохтоохтор быраас үлэлии кэлэр боппуруоһа түргэнник быһаарылларыгар баҕарабыт. Үрүҥ халааттаах аанньалларбыт саҥа балыыһабытыгар дьон-норуот доруобуйата тупсарын, чөл туруктанарын туһугар күннэтэ түбүгүрэ, үлэлэрэ сыаналана уонна дьон махталын ыла турдуннар.

Лидия Пестрякова, 2 Хомустаах.

Читайте дальше