Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Кустааһын көрүдьүөстэрэ

Саас кус булда саҕаланна да, турар-турбат бултуу аттанар үгэстээх. Уһун кыһын дьиэҕэ хаайтарар, үлэнэн үлүһүйэр үгүс сыраны-сылбаны эрэйэр буоллаҕа. Айылҕаҕа дуоһуйа сылдьан сынньанартан, булдунан үлүһүйэр саҕа сэргэхсийииттэн ордук туох баар үһүө?

Иван Васильевич саас Кыайыы күнүн киэһэтигэр бултуу барда. Лаачыма күөлгэ өрүү бииргэ бултуур оҕонньоро, сэри бэтэрээнэ күүтэн олороругар тиийбит.

Сарсыарда эрдэ турбуттара, халлаан былытыран, инчэҕэй хаарынан быраҕаттаммыт. Күөлгэ ырбыы саҥа тахсан эрэр эбит. Балайда уһуннук дурдаларыгар олоро сатаан баран тахсан уот оттунан чэй өрүммүттэр. Остуолларын тэринэ сылдьан көрдөхтөрүнэ, күөлү эргийэ аттаах эр бэрдэ бадарааны-чалбаҕы кэстэрэн, бидилитэн ахан иһэрэ үһү. Ата ахсыма, батыччахтыыр тыаһа ыраахтан иһиллибит. Балайда улахан бэрэмэйдээх ат өр-өтөр гымматах, кинилэр диэки туһаайан айанын туппут. Таайа сатыы турдахтарына, чэйдэрэ оргуйан бидилийбит, ону кытта ыалдьыттара, оҕонньор быраата Доропуун кэлэн, атыттан үөрэн-көтөн түспүт, эҕэрдэ эҥээрдээх, дорообо-дыраастый буолбут.

Остуолга чэй кутуллубут, тушенка, итии чоххо бүтэйдии, сылыта диэн ааттаан ууруллубут, маҥнайгы эҕэрдэ «аһылыга» көтөҕүллүбүт, саҥа-иҥэ, айах аһыллан, хоммут уос сөллөн элбээн барбыт. Чаастаах үлэттэн сылайан, өрөбүлү туһанан, сааскы бултан тииһиннэрбин диэн балайда кэриммитин, көтөр кынаттааҕы харахтаабатаҕын, кэпсээн-ипсээн, ыһан-тоҕон эрдэҕинэ, дьэ доҕоор, туох эрэ эстэн, үрүө-тараа хаптаһыы буолбут. Араас санаа барыта киирэн тахсыбыт. Өйдөрүн арыый булан эрдэхтэринэ, халлаантан хаптаҕай тимир кэлэн оллоонноругар түспүт. Сырсан тиийэн көрбүттэрэ күл-чох ордубатах тушенкаларын бааҥката хаптайан аран сытар эбит. Дьэ, өйдөөбүттэр, итийбит, бүтэйдии ууруллубут бааҥка эстибитин. Буолар да эбит дэһэн, салгыы олорбуттар. Аттара быатын быспакка, өрө холоруктуу тураахтаабыт. Хаһаайын нэһиилэ уоскуппут. «Эгэлгэ санаа барыта киирэн таҕыста» дэһиспиттэр.

Ыалдьыттара кэнсиэрбэтин хараһыйбыт. Оҕонньордоро: «Уоттаах сэрии харахпар көстөн элэс гынан ааста, бу сыллар тухары, хор, умнуллубатын», – диэн кэлэйбиттии өрө тыынан ылла. Сүрэх бааһа ааһан-араҕан биэрбэт буоллаҕа. Бэтэрээн оҕонньор пулеметчик буолан, уоттаах сэрии бүтүөр диэри сылдьыбыт этэ. Салгыы Турция кыраныыссатын харабылыгар икки сыл курдук сылдьыбыта. Кэнсиэрбэлэрин сыта салгыҥҥа ыйанан, аһа ханна да барбыта көстүбэтэх. Быһата, сиргэ сиик буолан симэлийдэҕэ. Аһаан абыран…

Т. НИКОЛЬСКАЯ

Читайте дальше