Иһийэн олорбот түөлбэ

Нам сэлиэнньэтигэр “Ипподром” түөлбэ чуумпуран, иһийэн олорбот. Түөлбэ актива саҥаттан-саҥа сүүрээни киллэрэн иһэр. Саамай үөрүүлээҕэ уонна олоххо киириитигэр кыайыыта – түөлбэ көхтөөх дьоно-сэргэтэ долгуҥҥа тэҥҥэ кыттыһара ааттанар.

Бэлиэтээн эттэххэ, Ленскэй нэһилиэккэ Оҕо уонна Ыччат, Нам улууһугар Оҕо спорда, Саха сиригэр Оҕо саас, Россияҕа Дьиэ кэргэн сылларыгар олоҕуран сэлиэнньэбитигэр араас хабааннаах тэрээһиннэр буолаллар. Ол курдук, бу күннэргэ Кириллин Александр Васильевич “Ипподром” түөлбэ актива тэрийиитинэн, “Велогонка” күрэхтэһиини тэрийэн ыыттыбыт. Күрэх кыттааччылара бары киэн туттар ипподроммутугар велосипеттарын тэбэн параад оҥордулар. Күрэхтэһии хонуутугар кыһыл былаахтар күөрэччи ыйанан күрэхтэһээччилэргэ өссө ордук эрчими эптэ.

“Велогонка” күрэхтэһиитин Шапошникова Гульнара Григорьевна уонна Дьячковскай Евгений Николаевич иилээн-саҕалаан ыыттылар. Маҥнайгынан кыраччаннар кыра дистанцияҕа күрэхтэстилэр: 1-кы миэстэни Габышев Миша, иккиһи Обутов Максим, үсүһү Матвеев Коля ылан кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Улахан уолаттар уһун дистанцияҕа тэппиттэриттэн 1-кы миэстэни Маттананов Артем, иккиһи Дьячковскай Уйгун, үсүһү Тусаков Егор ыланнар кыайыылаахтарынан ааттаннылар.

Улахан дьоҥҥо. 1кы миэстэни Евгений Дьячковскай, иккис – Маттананов Артем, үһүс — Намияна Маттананова ылан үөрүүлэрэ үксээтэ.

Биирдиилээн күрэхтэһээччилэр кыайыылаахтара, бириистээх миэстэни ылааччылара бары сэмэй бэлэхтэри, минньигэс бириистэри тутаннар бары астына үөрдүлэр.

Күрэхтэһии күүтүүлээх түһүмэҕэр, дьиэ кэргэнинэн куоталаһыыга үс бастыҥ велосипед тэбээччи ыалынан ааттаннылар: Маттанановтар дьиэ кэргэн кыайыылааҕынан тахсаннар тордунан, грамотанан биһирэннилэр; Дьячковскайдар дьиэ кэргэн иккис үрдэлгэ тахсаннар минньигэс мороженнайынан уонна грамотанана наҕараадаланнылар; үһүс үрдэли дабайбыт Шапошниковтар дьиэ кэргэн ылан мороженнайынан, грамотанан чиэстэннилэр.

“Велогонка” күрэхтэһиитигэр 3 саастаах Шапошникова Алиана саамай кыра саастаах буолара билиннэ. Оттон саамай аҕам саастааҕынан 77 саастаах Брызгалов Дмитрий Филиппович буолар. Үгүс дьиэ кэргэн бары велосипеттах кэлэн кыттыыны ылбыттарыттан киһи үөрэр, долгуйа көрөр. Күрэхтэһии кэмигэр ыалдьааччылар ыһыы-хаһыы буолан күрэхтэһээччилэргэ тэтим эптилэр. Күрэх барыта ким үчүгэй бириэмэни көрдөрбүтүнэн барда.

Дьэ, бу курдук “Ипподром” түөлбэ олоҕо сэргэх, араас толкуйдар төрөөн тахсаннар тэрээһиннэр баар буолаллар, үтүө үгэскэ ыытыллар бэлиэ күннэргэ кубулуйаллар. Махтал бары кэлэн кыттыыны ылбыт оҕолорбутугар, дьиэ кэргэттэрбитигэр, дорҕоонноохтук салайан ыыппыт Александр Васильевичка, Евгений Николаевичка, Гульнара Григорьевнаҕа. Бары маннык түмсүүлээх буолуоҕун, кыттааччы сыл аайы элбээн истиҥ.

“Ипподром” түөлбэ актива

Читайте дальше