Кэккэ нэһилиэктэргэ былааны куоһаран улууска үүт туттарыы былаана туолла  

Нам улууһугар «Эрэл» ТХПК үүт тутар былаана 2190,133 туонна,  балаҕан ыйын 11 күнүнээҕи туругунан тыа хаһаайыстыбатын управлениета иһитиннэриитинэн кэккэ нэһилиэктэргэ үүт туттарыытын таһыма үрдүк буолан былааны куоһарбыппыт. Ол курдук, 2196,833 туоннаҕа тэҥнэспит.

Нэһилиэктэринэн ылан көрдөххө:

Арбыҥҥа – 33,246 туонна (былаан 32,71 т);

Бөтүҥҥэ – 452,83 т (413,653 т);

Үөдэйгэ – 440,118 т (456,46 т);

Искраҕа – 78,933 т (57,31 т);

Модукка – 94,94 т (94,18 т);

Никольскайга – 34,939 т (39,01 т);

Партизаҥҥа – 313,739 т (303,53 т);

Салбаҥҥа – 59,969 т (55,63 т);

Түбэҕэ – 70,217 т (57,34 т);

Хамаҕаттаҕа – 68,757 т (123,44 т);

Хатыҥ Арыыга – 286,026т (298,55 т);

Хатырыкка – 70,648 т (82,38 т);

1 Хомустаахха – 155,077 т (140,08 т);

2 Хомустаахха – 37,394 т (35,86 т) үүтү туттарбыттар

Ыамнаах самаан сайын ааһан, көмүс күһүҥҥэ үктэннибит. Сотору кэминэн үрүҥ илгэ үрүлүйэрэ, дэлэгэйэ аччыа турдаҕа.

Семен Аргунов

Читайте дальше