Нам улууһугар дьон олоҕун уонна дохуотун үрдэтиигэ болҕомто өссө күүһүрүөҕэ

Нам улууһугар, билиҥҥи кэмҥэ, кыра дохуоттаах дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өйөбүл баар буолан, олох-дьаһах хаачыстыбата тупсара көстөр. Оҕо босуобуйатыттан саҕалаан, үлэтэ суох дьон дьарыктаах буолуутугар анаан программалар бааллар. Ону таһынан, бэйэ дьыалатын тэринэргэ, үлэ миэстэтин таһаарарга, кэтэх хаһаайыстыба тэринэргэ усулуобуйа, кыах баар буолла. Интэриэһиргиир, туһанар дьон элбээтэ.

Бу туһунан, Нам улууһун нэһилиэнньэ харысхаллаах буолуу управлениетын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Лилия Васильева сиһилии кэпсиир.

«Үлэтэ суох дьон дьарыктаах буолуутугар социальнай хантараагынан үлэ булунарыгар анаан туспа салаа баар. Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турар киһи олох таһымын алын кээмэйигэр тииһиммэт түгэнигэр, хантараак баттаһан баран үлэҕэ киирдэҕинэ, биһиги өттүбүтүттэн эбии төлөбүр ылар.

Быйыл, бу күҥҥэ диэри, социальнай хантараагы уопсайа 95 киһи түһэристэ. Ол чэрчитинэн, урбаан эйгэтин ылан көрөр эбит буоллахха, кэрэ буолуу студията, парикмахерскай, шиномонтаж, массыына өрөмүөннүүр сервистэр, уу кутар (водовоз), бухгалтерскай, хаартыскаҕа түһэрии өҥөлөрө, бурдук аһылыгы буһарар сыах, ательелар, сауналаах сынньанар дьиэ, оҕо сайдар-оонньуур миэстэтэ тэрилиннилэр.

Соҕотох олорор, чугас дьоно суох хаалбыт кырдьаҕас, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон олорор усулуобуйаларын чэпчэтэр сыалтан социальнай үлэһиттэр сыһыарыллан көрөллөр-истэллэр. Кинилэр социальнай олоххо-дьаһахха күүс-көмө буолаллар. Ол курдук, стандарт ирдэбилин быһыытынан эмп, бородуукта атыылаһан тиэрдэллэр, психологическай, педагогическай, правовой көмөнү оҥороллор. Маны таһынан, дьиэҕэ көрүллэр аҕам саастаах дьон медицинскэй өҥөнү ылалларыгар туһуламмыт «Мобильнай биригээдэ» үлэлиир. Холобур, нэһилиэктэн улуус киинигэр кэлэн балыыһаҕа көрдөрүнэллэригэр көмөлөһөбүт. Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра биэнсийэлээх үлэлээбэт дьоҥҥо эбии төлөбүр оҥоһуллар», — диэн Лилия Анатольевна санаатын үллэһиннэ.

Наталья Байдын, Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо:

  • Социальнай хантараакка киирэмммит дьарыктанабыт. Сайынын дьиэ кэргэнинэн көтөрдөрү, оҕуруот көрөргө лааҕыр арыйан үлэлэппиппит. Быйыл салгыы үүнэр-сайдар санаалаах былааннар күүтэллэр.

Бу курдук, дьадайыыны бохсор сыаллаах сыллата тиийинэн олорууну күүһүрдэр, кырдьаҕастарга көмөнү оҥоруу, оҕо босуобуйата үрдүүрэ олохпут тупсарын биир көрүҥэ буолар. Маныаха, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев от ыйын 24-25 күннэригэр Дьокуускайга , СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министрэ Елена Волкова, итиэннэ министерствоҕа бас бэринэр тэрилтэ салайааччылара кыттыылаах «О повышении доходов и социальном благополучии в Якутии» диэн темалаах, өрөспүүбүлүкэ социальнай үлэһиттэрин стратегическай сессията буолан ааспыта.

Икки күннээх, киэҥ хабааннаах, ырытыылаах, туруорсуулаах сессияҕа Нам улууһуттан нэһилиэнньэ харысхаллаах буолуу управлениетыттан  Лилия Васильева, кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэрин директора Анастасия Заболоцкая кыттыыны ылбыттара. Сессия темата да этэринии, социальнай көмүскэллээх, дохуоттаах буолууга 7 саҥа бырайыагы толкуйдаан, торумнаан Ил Дархаҥҥа көмүскээбиттэр. Түмүккэ, бары бырайыактар өйөнөллөрө биллибит, дьон олоҕун уонна дохуотун үрдэтиигэ болҕомто өссө күүһүрүөхтээҕэ этиллибит.

Семен АРГУНОВ

Нам улууһугар элбэх оҕолоох ыал үксүүр

Нам улууһугар элбэх оҕолоох ыалларга үгүс көмө көрүллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ улууска 1066 элбэх оҕолоох ыал олорорун улуустааҕы социальнай көмүскэллээх буолуу управлениета иһитиннэрэр.

«100 сыллаах оҕо»

Нэһилиэнньэҕэ бары өттүнэн көмө, чэпчэтии оҥоруу тиһигин быспакка салҕанар. Ол курдук, Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар өрөспүүбүлүкэ салалтата 2022 сылга күн сирин көрбүт оҕоҕо «100 сыллаах оҕо» ааты иҥэрэн, 100 тыһыынча солкуобайдаах сертификат көрөр буолбута. Нам улууһугар былырыын маннык сертификаты 243 ыал ылбыт. Оттон быйыл 156 дьиэ кэргэн.

Тус сыаллаах хапытаал

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ тус сыаллаах хапытаал олохтонон үлэлиирэ үгүс ыалларга күүс-көмө буолбута, буолара саарбахтаммат. Ыаллар хапытаал сууматын толору тутталлара эбэтэр аҥаардаан тутталлара бэйэлэрин быһаарыныыларыгар: оҕо туһатыгар харчыны кылаакка угуу; оҕону үөрэхтээһиҥҥэ; оҕоҕо үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөҕө, медицинскэй уонна социальнай реабилитацияҕа уонна санитарнай-курортнай эмтэниигэ, ол иһигэр, СӨ тас өттүгэр оҕоҕо уонна кинини арыаллааччы айаннарын төлөбүрүгэр, эмтээх препараттары ылыыга; Арассыыйа иһигэр дьиэ кэргэнинэн сынньаныыга; олорор дьиэни тупсарыыга уонна өрөмүөннээһиҥҥэ; транспорт ылыыга; көмө хаһаайыстыбаны сайыннарыыга, манна сыһыаннаах техниканы ылыыга; оҕо доруобуйатыгар уонна страховкалааһыҥҥа; чааһынай дьиэҕэ гаас ситимин тардыыга.

«100 сыллаах оҕо» үрдүк ааты Нам улууһугар аан маҥнайгынан Хамаҕаттаттан Полищиковтар дьиэ кэргэн ылбыта. Үйэлэргэ умнуллубаттыы киирбиттэриттэн аҕалара Семен Полищиков үөрэр.

Семен Полищиков, Хамаҕатта олохтооҕо:

  • Биһиги кэргэмминээн сүбэлэһэн бараммыт, дьиэ кэргэҥҥэ саамай наадалаах, чуолаан, элбэх оҕолоох ыалларга, тимир көлө атыыласпыппыт. Ити курдук, 2022 сыл ахсынньытыгар массыыналаммыппыт.

Дьиэ кэргэн экономиката

2023 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, Нам улууһугар сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолоох ыаллар уопсай ахсааннара 4076, онтон элбэх оҕолоох – 1426 олорорун Намнааҕы Дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатыгар отделын салайааччыта Екатерина Евстафьева иһитиннэрэр.

Элбэх оҕолоох ыаллар:
3 оҕолоох ыал – 894;
4 оҕолоох ыал – 313;
5 оҕолоох ыал – 160;
6 оҕолоох ыал – 37;
7 оҕолоох ыал – 16;
8 оҕолоох ыал – 3;
9 оҕолоох ыал – 2;
10 оҕолоох ыал – 1.

Нам улууһугар 2020 сылтан “2020-2024 сс. агропромышленнай комплексы сайыннарыы” программанан “Дьиэ кэргэн экономикатын өйөөһүн” диэн хос программа оҥоһуллубута. Бэлиэтээн эттэххэ, “Дьиэ кэргэн экономиката” программа Нам улууһугар эрэ баара этиллэр. Ону тэҥэ, “2020-24 сс. Харысхал” социальнай өйөбүл маннык хайысхаларынан үлэлиир: уустук быһыыга-майгыга киирбиттэргэ көмө; үөрэх, культура уонна спорт салааларыгар ураты ситиһиилэрин иһин материальнай көмө.

«2020-2024 сс. ыччат уонна дьиэ кэргэн политиката» программанан 2020 сыл кулун тутар 31 күнүттэн 36 №-дээх уларыйыынан дьаһаллар ылыллыбыттар:

  • — дьиэ кэргэн биригээдэлэрэ оҕолор сайыҥҥы дьарыктаах буолууларын тэрийиитигэр 50 тыһ. солк. субсидия быһыытынан граннары биэрии;
    — акциялары ыытыы уонна элбэх оҕолоох ыалларга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттарыы;
    — уустук быһыыга-майгыга киирбиттэргэ бородуукта набордарын биэрии;
    — дьиэ кэргэттэр уһуннук бииргэ олорбт үбүлүөйдээх сылларыгар (50-55-60-65-70 сыл) биир кэмнээх төлөбүрдэри биэрии;
    — Ийэ сылыгар “Бастыҥ Ийэ” анал бэлиэ.

Харысхан ПОПОВ

Читайте дальше