Т.К. Ядрихинская аатынан Намнааҕы социальнай-геронтологическай кииҥҥэ “Тыын ылыы” отделениета быйылгыттан аһыллан үлэлиир.

Аҕам саастаахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат дьиэлэригэр күн ахсын кэриэтэ тэрээһиннэр ыытыллаллар, куруһуоктар үлэлииллэр. Ол курдук, оскуола үөрэнээччилэрэ, култуура үлэһиттэрэ кэлэн кэнсиэрдээн сэргэхситэллэр. Интернат олохтоохторо бэйэлэригэр сөптөөх хайысхаларга сылдьаллар: библиотека, компьютернай кылаас, тренажер саалата, уһанар, иистэнэр хостор.

“Урукку сылларга биир отделение үлэлиир эбит буоллаҕына, билигин барыта үс отделение баар буолла. Ол курдук, “Уһуннук олоруу” диэн отделениеҕа 32 киһи баар. Бу отделениеҕа бэйэлэрин көрүнэр, хаамар дьон киирэр. “Аһымал” отделениебытыгар 18 сытар, көмөҕө, киһи көрүүтүгэр наадыйааччы баар. Бу сылтан 15 киһилээх “Тыын ылыы” отделениебыт 2024 сыл саҕаланыытыттан үлэлээтэ”, – диир Т.К. Ядрихинская аатынан Намнааҕы социальнай-геронтологическай киин дириэктэрэ Инна Сивцева.

Т.К. Ядрихинская аатынан Намнааҕы социальнай-геронтологическай кииҥҥэ саҥа арыллыбыт “Тыын ылыы” отделениеҕа аҕам саастаахтар 28 хонукка киирэллэр эбит. Отделение арыллыаҕыттан барыта 59 киһи киирэн тахсыбыт.

Эрдэ төһөлөөх аҕам саастаах соҕотох олорон чуҥкуйбутун, муунту буолбутун айбыт бэйэтэ билэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин салалтата аҕам саастаахтарга болҕомто уурарын күүһүрдэр. Салалта саастаах киһи сынньалаҥын киэҥник  тэрийэргэ үлэлэһэр. Намнааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат дьиэлэригэр бу күһүҥҥүттэн, табылыннаҕына “Уһуннук көхтөөхтүк олоруу” диэн ааттанар отделение арыйарга тустаах үлэлэр ыытылла туралларын Инна Иннокентьевна чопчулуур. Ол курдук, отделение Нам улууһун аҕам саастаахтарыгар аанын астаҕына, уоннуу киһилээх бөлөххө араас хайысхаҕа бириэмэни атаарар дьарыктар тэриллиэхтэрэ.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Берегиня” көмө киин Намнааҕы салаатын оҕолоро аҕам саастаахтары кытта бииргэ тэрээһиннэри, оонньууллары ыыталлар эбит. Холобура, Оҕо көмүскэлин күнүн икки тэрилтэ көмөлөөн тэрийбиттэр. Кинилэр нэдиэлэҕэ биирдэ “Бэрбээкэй” диэн куруһуокка сахалыы национальнай оонньууларга кыттыыны ылаллар эбит. Ону тэҥэ, интернат Хатырык уһуйаанын кытта бииргэ үлэлэһэр бырайыактаах. Манна кырдьаҕастар остуоруйа аахпыттарыттан оҕолор уруһуйга түһэрэн ыыталлар эбит.

“Саҥа отделениелар арыллаллара туохха наадалаахтарый? Билэрбит курдук, кырдьаҕас киһи бэйэтэ да, чугас дьонноро да быстах кэмҥэ сынньанарга тыын ылаллар. Холобура, үлэлэриттэн тохтоон аҕаларын эбэтэр ийэлэрин куруук көрөргө күһэллиэхтэрин сөп. Онуоха өйдөспөт быһыы-майгы, сылайыы үөскүүр куттала үрдүүр.

Саҥа арыллыбыт  отделениебытыгар эр дьон 60-тан, дьахталлар 55 саастарыттан үөһэлэр киирэллэр эбэтэр I, II гр. инбэлиит буоллахтарына. Киһи көмөтүгэр наадыйааччылар сыл саҥатыгар да, сыл бүтэһигэр да киириэхтэрин сөп.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат дьиэлэригэр “Тыын ылыы” отделениета арыллыбыта, бары өттүнэн туһалаах. “Тыын ылыы” отделениеҕа киирэллэригэр социальнай харалта управлениетын нөҥүө сайабылыанньа суруйаллар.

Кырдьаҕастар отделениеттан наһаа үөрэн, махтанан тахсаллар. Манна бэйэлэрин үөлээннэхтэрин кытта  төгүрүк сууккаҕа кэпсэтии-ипсэтии, алтыһыы баар. Интернаппыт хас биирдии хоһугар иккилии буолан олороллор”, – диэн кэпсиир Инна Иннокентьевна.

Бэлиэтээн эттэххэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат дьиэлэрэ Дойду Президенэ Владимир Путин олохтообут «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллан былырыын баччаларга киирбитэ.

Харысхан Попов

Читайте дальше