Намнар Күөх маайы ыраастык, чэбэрдик көрсөллөр

Ыам ыйа ыраастаныыттан саҕаланар. Ый устата хаар баран, сир харанан көрөн ыраастанар, сайҕанар кэмэ. Онуоха дьон сир-дойду бөҕүнэн-сыыһынан көмүллүбүтүн суох гыныаҕа, күөх от үүнүүтүгэр көмө буолуоҕа.

Нам улууһун дьоно-сэргэтэ, оскуола үөрэнээччилэрэ, тэрилтэлэр дьиэлэрин тэлгэһэлэриттэн саҕалаан, уулуссалары, олорор сирдэрин өрө тардыбыттара. Сэлиэнньэ ыраас буолуутугар холобурдар номнуо, ыытыллыбыттара. Ол курдук, Октбярьскай уулусса саҥа таас дьиэлэр, “Ипподром” түөлбэ олохтоохторо оҕолуун-уруулуун сибиэһэй салгыҥҥа тахсаннар оҕо оонньуур былаһааккаларын, уопсастыбаннай сирдэри бөхтөн-сыыстан ыраастаабыттара.

Санаттахха, Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтатын баһылыга Петр Сокольников дьаһалынан, сэлиэнньэҕэ икки ыйдаах ырааһырдыы биллэриллибитэ. Ньукуолун күнүн көрсө аны соҕуруу, хоту, арҕаа, илин түөлбэлэр олорор сирдэрин өрө тарда тахсыахтара. Субуотунньуктар салҕаныахтара.

Улуу Кыайыы күнүн көрсөргө намнар бары өттүнэн бэлэмнэр диэн этэр тоҕоостоох!

Харысхан Попов

Читайте дальше