Салбаҥнар Үрүҥ Тунах Ыһыахтарын ыстылар

Сайын кэлбит кэрэ бэлиэтэ ыһыах буолар. Уһун кыһыҥҥы киэһэлэргэ тигиллибит олбохтор, дьэрэкээн көбүөрдэр кэккэлииллэр, халадаайдар сайбайаллар, салбырҕастаах ытарҕалар кэтиллэллэр. Кымыс кыынньа кырылыыр, саламаат хойдо буһар, сибиэһэй собо лэһигирэччи ыһаарыланар, сандалы дьоһуннаах миэстэтигэр ууруллар. Ыһыахха бэлэмнэнии бэйэтэ туспа эйгэ эбит. Бэл, сыттыын-сымардыын ураты.

Бэс ыйын 7 күнүгэр нэһилиэк Ыһыаҕа ыһылынна.

Ыһыах алгыһын ылынан, эҕэрдэ кэнсиэрин көрөн түөлбэлэринэн түһүлгэлээтибит, төрүт аспытын амсайдыбыт. «Маанылаах түһүлгэ» көрүүтүгэр «Кырдал ыала» түөлбэ (сал. Анна Третьякова) бастаата. Тарбахтарыгар талааннаах, көнө сииктээх иистэнньэҥнэр Матрёна Захарова, Марфа Корякина, Таисия Гаврильева, Глианна Новгородова оҥоһуктарын, Ксения Мокрощупова — Өксүүн кылтан сөрүөтүн, Егор Кривошапкин хатыҥ мастан чочуйан оҥорбут биэс атахтаах чороонун сөҕө-махтайа көрдүбүт.

Аһылык кэнниттэн оскуола саастаах кыргыттарга «Сайыына Куо», дьиэ кэргэттэргэ «Саха талба-мааны таҥаһа», «Күн үҥкүүтэ — Оһуокай» куонкурустар бииртэн биир салҕанан бардылар. Айна Ощепкова, Арина Дмитриева «Сайыына Куо» аатын ыллылар, саха таҥаһыгар көхтөөх ыал Вероника, Иван Даниловтар кыайдылар, иистэнэр массыынанан наҕараадаланнылар. Анастасия Павлова оһуокайы бэркэ таһаарда. Оһуокай кэнниттэн быһыйдар сырсан, биэтэги былдьастылар, мас тардыстылар, бэйэ оҥорбут ох саанан ытан да көрдүлэр. Көр-нар күйгүөрүгэр күн киэһэрбитин билбэккэ да хааллыбыт.

Татьяна Касьянова

 

Читайте дальше