СӨ Ил Дархана быһа эфиргэ тахсыаҕа

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр, СӨ Государственноһын күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 19:00 ч. Ил Дархан Айсен Николаевтыын быһа эфир буолуоҕа.

Быһа эфир «НВК Саха», «Якутия 24», «Россия 24» ханаалларга көстүөҕэ, «Тэтим», «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» араадьыйаларга иһиллиэҕэ. Маны тэҥэ Ил Дархан соц.ситимнэригэр быһалыы тахса туруоҕа.
Ыйытыыларгытын телеграмҥа @voprosGlaveYakutii_bot чат-бот суруйан ыытыҥ, эбэтэр 09:00 — 18:00 чч. диэри 8 (4112) 506-006 эрийиҥ.
Быһа эфир кэмигэр Айсен Сергеевич олохтоохтор ыйытыыларыгар хоруйдуоҕа, өрөспүүбүлүкэбит инники сайыдыытын былааннарын билиһиннэриэҕэ.

 

Бэйэ информ.

Читайте дальше