Аҕа саастаах көлүөнэ Сэбиэскэй кэмҥэ үлэлээн, айан-тутан олорон ааспыта. Бу кэми мэлдьи сылаастык ахтар. Кинилэр оччолорго модун ССРС судаарыстыбатыгар сэтинньи 7 күнүгэр киэҥник бэлиэтэнэр Улуу Өктөөп бырааһынньыгы умнубаттар. Норуот өйүгэр, сүрэҕэр дириҥник сөҥмүт.
Билигин сэбиэскэй кэм тиэмэтэ киинэ, тыйаатыр эйэтигэр киэҥник сырдатыллар. Дойдубут улахан киинэ экраннарыгар режиссердар Никита Высоцкай, Илья Лебедев туруорбут «Любовь Советского Союза» драмалара сэтинньи 7 күнүттэн көстүүтэ саҕаламмыта.
Оттон П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра бу тиэмэни таарыйан, Саха сиригэр Автономия олохтонорун ситиспит саха чулуу уолаттарын кытта тэҥҥэ турууласпыт Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан, саха народнай суруйаачыта, драматург Дмитрий Наумов суруйбут пьесатыгар олоҕуран, кини үлэтин, олоҕун кэпсиир испэктээкили Руслан Тараховскай туруоран, сэтинньи 9, 10 күннэригэр көрөөччү дьүүлүгэр таһаарда. Сэбиэскэй кэм дойдубут историятын дириҥ суолталаах быстыспат сорҕото.
Соторутааҕыта П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы историческэй-этнографическэй музей быыстапкалыыр саалатыгар Нам с. олохтоохторо Надежда Ивановна, Афанасий Ильич Васильевтар дьиэ кэргэнэ сэбиэскэй кэми сырдатар “Ааспыт кэм ахтылҕана” быыстапкалара үөрүүлээхтик арыллан, көрдөрүүгэ туруоруллубута. Мустубуттар сэргии, сэҥээрэ көрбүттэрэ.
-Биһиги олохпут үгүс өттө сэбиэскэй кэмҥэ ааспыта. Онтон сиэттэрэн Советскай Союз саҕанааҕы олохпутун көрдөрөөрү, сырдатаары, дьон, эдэр ыччат көрүүтүгэр таһаараары, үйэтитээри 2013 с. дьиэ кэргэнинэн коллекция мунньан саҕалаабыппыт. Бастаан значоктары муспутум, онтон сыыйа тиэмэбит кэҥээбитэ. Кэргэним Надежда Ивановна, оҕолорбут Анисия, Иван интэриэһиргээн, сөбүлээн, дьиэ кэргэн дьарыгар кубулуйбута.
Коллекция мунньарга бириэмэ, интэриэс, билии-көрүү, сыал-сорук туруорунан көрдөөһүн, була-тала сатааһын наада. Сүрүн тиэмэбитинэн – Аан дойду үлэһит норуота ытыктыыр киһитэ, 1917 с. Октябрьскай Революцияны салайбыт, бастакы социалистическай государствоны төрүттээбит, Саха сиригэр Автономияны биэрбит Улуу сирдьиппит, учууталбыт Владимир Ильич Ленин буолбута. Киниэхэ анаммыт значоктары, кинигэлэри, открыткалары, кини суруйбут үлэлэрин, бюстарын хомуйбуппут. Онтон интэриэспит кэҥээн, тиэмэбит эбиллэн, В.И. Лениҥҥэ быһаччы сыһыаннаах ССРС кэмигэр үөскээбит октябренок, пионерия, комсомол атрибуттарын, плакаттары, открыткалары, сэбиэскэй үлэһит ситиһиитин кэрэһэлиир социалистическай куоталаһыы вымпелларын, чемпионнар лиэнтэлэрин, социалистическай куоталаһыы Знамяларын о.д.а. тэриллэри, маллары, кинигэлэри, хаһыаттары, сурунааллары муспуппут. Коллекциябыт хаҥаабыта.
Улуу Кыайыы 75 сылыгар түбэһиннэрэн, В.И. Ленин соратнига, большевиктар партияларын, кэлин ССКП Киин Кэмитиэтин Генеральнай секретара, Сэбиэскэй Союз Маршала, Генералиссимус, бөдөҥ сэбиэскэй государственнай, политическай, байыаннай, партийнай деятель Иосиф Виссарионович Сталин (Джугашвили) туһунан элбэх матырыйаалы булбуппут,— диэн ахтар Афанасий Ильич.
Сайын аайы тэлгэһэлэригэр турар дьоҕус дьиэҕэ коллекцияларын көрдөрүүгэ туруораллар. Оҕолоро, аймахтара, түөлбэ, улуус олохтоохторо, куораттан, атын сиртэн ыалдьыттар көрөн, астынан бараллар. Сиэннэрэ дьиэлэригэр тиийэн: “Мы были в Советском Союзе”,-дэһэллэр. Быйыл халаан уутуттан быыстапка турбатаҕын ыаллара суохтаабыттар.
Афанасий Ильич Дьокуускайга биир идэлээхтэрин түмсүүлэригэр сылдьан, ырыынак аттынааҕы уулусса атыытыттан наадалааҕын булар-талар, оҕолоро Интернетинэн суруйтаран сэдэх кинигэлэри, докумуоннары хомуйсан, коллекцияларын байыталлар.
Аны аймахтара, доҕотторо, сэбиэскэй кэми истиҥник саныыр дьон ол кэмнээҕи маллары бэлэхтээн, коллекцияларын кэҥэтэллэр. Ол курдук, биллэҕэ Петр Гаврильевич Карамзин, Афанасий Ильич бэйэтэ өр көрдөөн булбатах, Сталин бюһун аҕалан үөрдүбүт. Павел Николаевич Баишев И.В. Сталин Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин 27-с сылыгар эппит төлөннөөх этиитэ уһуллубут пластинкатын, Василий Егорович Никонов Ленин бюһун уонна бэйэтин Лениниана уруһуйдарын, Николай Николаевич Пестряков эмиэ Ленин турар бюһун, Рехлясова Наталья Степановна М.К. Аммосов бюһун уо.д.а. бэлэхтээбиттэр.
Елизавета Егоровна Колмогорова кэргэнин аҕатын дьиэтээҕи фондатыттан В.И. Ленин, И.В. Сталин кинигэлэрин, Людмила Алексеевна Прокопьева дьиэ кэргэнин библиотекатыттан, И.З. Кривошапкин сиэнэ Иннокентий Кривошапкин эһэтин фондатыттан эмиэ И.В. Сталин үлэлэрин, кинигэлэрин бэлэхтээбиттэр.
Надежда Ивановна сиэн балта Галина Нелюбина өссө 9 кылааска үөрэнэ сылдьан Ленин мэтириэтин үкчү уруһуйдаан кинилэргэ бэлэхтээбит. Кэлин Дьокуускайдааҕы художественнай колледжка устудьуоннуу сылдьан В.И. Ленин, И.В. Сталин, М.К. Аммосов мэтириэттэрин уруһуйдаан коллекцияларын байыппыт. Билигин кини АГИКИ графика, живопись кафедратын 2 куурсун устудьуона.
Ити курдук, үтүө санаалаах дьон дьиэ кэргэн сэбиэскэй кэми көрдөрөр фондалара эбиллэригэр көмөлөһөллөр. Ол иһин Надежда Ивановна, Афанасий Ильич Васильевтар кинилэргэ истиҥник махтаналлар.
“Ааспыт кэм ахтылҕана” быыстапка сэҥээриилэрэ
Быыстапканы дьон биирдиилээн, бөлөҕүнэн сылдьан көрбүттэр, альбомҥа сэҥээриилэрин суруйбуттар.
Убаастабыллаах Надежда Ивановна, Афанасий Ильич!
“Ааспыт кэм ахтылҕана” быыстапка аһыллыбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Бу быыстапканы көрөн, ааспыт оҕо сааспын санаан, кэрэ кэмнэрбит үтүө өйдөбүллэрин ахтан, олуһун долгуйа үөрдүм. Баҕарабын эдэр көлүөнэ ыччакка олохпут историятын туоһулуур коллекцияҕыт өссө да кэҥии, элбии туруохтун. Дьиэ кэргэҥҥит дьоллоох буолуохтун!
Аламай үрүҥ күн сырдыга чаҕылыйа туруохтун! Хараҥа халбарыйдын, сырдык сыдьаайдын!
Эҕэрдэни кытта Мария-Сандаара Баат, 07.11.2024с.
Убаастабыллаах Надежда Ивановна уонна Афанасий Ильич!
“Ааспыт кэм ахтылҕана” быыстапканы көрөн сэргээтибит, оҕо уонна эдэр саастарбытын санаан, олуһун диэн долгуйдубут. Ол кэмнэргэ үөрэммит, үлэлээбит сылларбытын ахтан, санаан ыллыбыт. Мунньубут экспонаттар ол кэрэ, үтүө кэмнэри туоһулууллар, элбэҕи кэпсииллэр уонна кэлэр ыччакка олус туһалаах буолара саарбахтаммат.
Махталы кытта педагогическай үлэ ветераннара:
Сергучева Анастасия Гаврильевна, Рехлясова Лидия Степановна, 08.11.24.
Васильевтар дьиэ кэргэн быыстапкаларын 4 “б” кылаас үөрэнээччилэрин илдьэ кэлэн көрдөрөн, кэпсээн сырдаттым. Урукку бэйэм кэмим малларын көрөн олус астынным. Оҕолор олус интэриэһиргээн значоктары көрдүлэр, школьнай форманы сэҥээрдилэр. Элбэх ыйытыы киирдэ.
Убаастабыллаах Надежда Ивановна, Афанасий Ильич, этэҥҥэ сылдьыҥ, өссө да элбэх көлүөнэ бу матырыйаалы көрдүн, урукку олох туһунан биллин.
Эҕэрдэни кытта учуутал Марианна Дмитриевна Рожина,
үөрэнээччилэр: Тускулаана, Күннэй, Долун, Айтал, Ярик, Валя,
Аделина, Алия, Ариадна, Андрей, Айаана, Вика, Ай-Иэли Куо,
Ванесса, Эрхан, Ванесса, Саша.
Бу быыстапкаҕа сылдьыбыт И.С. Гаврильев аатынан Нам 1 №-дээх орто оскуолатын 4 “б” кылаас үөрэнээччилэрэ санааларын этэллэр.
Протопопова Алия, 4 “б” кылаас үөрэнээччитэ:
-Бүгүн кылааһынан Васильевтар дьиэ кэргэттэрин быыстапката ыытыллар этнографическай музейга сырыттыбыт. Олус интэриэһинэй уонна билиилээх-көрүүлээх этэ. Музейга мин СССР кэмигэр урут дьон хайдах дьаһанан олорбутун сөхтүм. Олус да үлэһит, үөрэххэ кыһамньылаах эбиттэр. Улуу сирдьит Владимир Ильич Ленин “Үөрэниэххэ, үөрэниэххэ уонна өссө үөрэниэххэ” диэн эппит тыллара үөрэххэ угуйбута. Музейга сылдьыҥ, историяттан элбэҕи билиэххит.
Дьяконов Долун, 4 “б” кылаас үөрэнээччитэ:
—Соторутааҕыта СССР музейыгар сырыттыбыт. Биһиги кылааспытын уонна кылаас салайааччыбытын Марианна Дмитриевнаны кытта барбыппыт. Биһигини олус эйэҕэстик көрүстүлэр, хоһу көрдөрдүлэр, Советскай кэм тыыныгар киллэрдилэр. Мэтээллэри уонна значоктары ордук сөбүлээтим, маннык үчүгэй көрүҥнээх билиҥҥи кэмҥэ тиийбиттэрэ киһини сөхтөрөр. Бу биллэн турар, өбүгэлэрбит тустарынан ахтыы, өйдөбүнньүк. Биһиги инники олохпутугар бу выставкаҕа баар маллары өйдүү-саныы сылдьыахтаахпыт. Бу олох историята. Бу музейга сылдьан олус астынным уонна доҕотторбор, атын да оҕолорго өссө төгүл кэлэн көрүҥ диэн этиэхпин баҕарабын.
Касьян Олесов-Олук