Нам сэлиэнньэтин уулуссаларыгар, элбэх квартиралаах дьиэлэргэ куоска оҕолоро быраҕыллан саҕаланнылар. “Куоска аймах эмиэ кыстыыр сирин көрдүүр” диэн ыстатыйаҕа оҕо “хаппырыыстаабытын” түмүгэр, элбэх квартиралаах дьиэ олохтоохторо эрэйи көрөн саҕаланыахтааҕа суруллар.
“Олохтоох дьаһалтаҕа куоска иитиитин боппуруоһугар үлэ ыытыллара буоллар…” диэн этиигэ көнөтүнэн хоруй – олохтоох дьаһалта суолталаах үлэни ыыттаҕына даҕаны, дьоҥҥо бэйэлэригэр көннөрүүнү, атыттары санааһын өйө-санаата киирэ илигинэ, күттүөннээх, хорутуулаах үлэ тахсыа суоҕа! Быһаччы манна дьиэ кыылын иитэ ылбыттар улахан сыһыаннаахтар.
“Бу барыта оҕо “хаппырыыһыттан” тахсар быһыы – ыт, куоска оҕотун иитэ ылыы уонна улааппыт кыылы уулуссаҕа таһааран олордуу!” – диир Саха сиринээҕи ветеринария управлениетын судаарыстыбаннай инспектора Павел Николаев.
“Оҕо талбыта”, “Оҕо баҕарбыта” этиини тутуһааччылар билигин элбии тураллар дуу, аччыыллар дуу?
Үгэс курдук, оҕолорун саататарга оонньуур курдук ылар ийэ, аҕа элбэҕэ этиллэр. Үгүс дьиэ кыыла аҕыйах кэмҥэ оҕоҕо “доҕор” буолан баран, улааппытын кэнниттэн көрүүтэ-истиитэ суох уулусса ортотугар хаалаахтыыр. Кыылы иитээччилэргэ нэһилиэнньэ кытаанахтык этэр: “Иитэ ыллын да түбүктээх үлэ буоларын өйдөөҥ!”.
Ол курдук, куосканы иитэ ылбыттар бэйэлэрэ көннөрүнэллэрэ наада диэҥҥэ үгүс киһи санаата тохтуур. Үгүс ыал дьиэтин кыыла ууһуур, ахсаан өттүнэн элбиир кэмигэр подъезтарынан, гараастарынан, таһырдьанан мээнэ ыытан кэбиһэрин хайа киһи сөбүлүөй. Бу барыта олохтоохторго охсор, улахан кыһалҕаны үөскэтэр.
Куруук төбөтүттэн имэриллэн улааппыт, “чээн” дэппит оҕо киһи быһыытынан хайдах буолан тахсыай? Оҕо куһаҕаны уонна үчүгэйи тэҥинэн билэ улаатыахтаах дии саныыбын. Олоххо хайдах куруук үчүгэй буолуой? Оннооҕор мультикка кэпсэнэр, хомолтону туоратаннар хайдах курдук иэдээҥҥэ тиийэ сыспыттарай.
Култуура суолтатын билэбит?
Көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар кыыллар кирдэрэ-хахтара, ииктэрэ, саахтара ким да эппиэтинэһигэр буолбат. Онуоха, хаһаайыттарга сырдатыы үлэтэ күүстээхтик барыан наада диэн этии сотору-сотору күөрэйэр. Ол эрээри, ким да кыһаллыбат. Хас сыл сырдатыы үлэтэ ыытылынна ини, ыытыллыбата ини. Көннөрүнэр киһи көннөрүнэн кэмэ кэллэ, дьиҥэ!?
Куосканы таһырдьа соҕотохтуу хаалларыы, оннук буолуо суохтааҕын билэ-билэ быһыыланыыга тэҥнэһэр. Дьиэ кыылын таһырдьа быраҕыыга эрэ олоҕурбакка, уопсастыбаннай сирдэргэ хоромньулаах түгэн таҕыстар эрэ, куруук “хонтуруолланыан наада” диэн этиинэн муҥурданабыт. Ол хаһааҥҥы диэри хонтуруолга сылдьабытый? Барытын ханна эрэ, кимиэхэ эрэ сыбаан-сыбаан кэбиһэбит. Өссө ону туолбутун, туолбатаҕын ирдэһиэхпит…
Ол иһин, “бу олоххо биири өйдөө” диэбиккэ диэри, тутта-хапта сылдьыы, кэпсэтии култуурата көрүнньүккэ эрэ буолбакка, хайдах, ханнык баҕарар балаһыанньаҕа умнуллуо суохтаах. Биир бэйэм, бэйэ эйгэтиҥ эрэ дьонугар култууралаахтык сыһыаннаһыыны култуура диэнинэн ааттаабаппын уонна аахпаппын!
“Куосканы тутар анал сир баар буолуохтаах эрээри, сэлиэнньэбитигэр ыт боппуруоһугар ылсан үлэлэһэр киһи баарыгар биһиги, олохтоохтор махтаныах тустаахпыт. Бу Саха сирин бары улуустарыгар маннык баар суол. Арай, урут Алдаҥҥа чааһынай приюкка куоскалары тута, хомуйа сылдьыбыттаахтар. Онтон кэлин тохтообута.
Куоска уопсастыбаннай сиргэ мэнээктиэ суохтааҕа өйдөнөр. Ол эрээри, оҕо баҕатын толорор төрөппүт үксүүрүттэн бу көстүү аҕыйыа диэн этэрбиттэн туттунабын. Барыта куһаҕан диэн буолбатах, дьиэ кыылын бары ирдэбили тутуһан иитэр, көрөр-истэр бэрээдэктээх дьон баар”, – диир Павел Васильевич.
Кырдьыга, хас сэлиэнньэ аайы ыт кыһалҕата сытыытык турар. Оттон биһиэхэ бүгүҥҥү күҥҥэ “Бэйдиэ сылдьар ыт эрэ кыһалҕа курдук көрүллэр” диэҥҥэ атыттар туох диэн санаалаахтара буолла?
Октябрьскай уулуссаҕа баар элбэх квартиралаах дьиэлэр олохтоохторо, салайааччылара:
— Икки этээстээх дьиэлэрбитигэр куруук куоска оҕолорун быраҕаллар. Ким да көрбөт, наадыйбат. Бары ыйыталлар “ханна гынабыт” диэн? Тоҥон, аччыктаан өлөллөрүн хайа киһи аһыммат буолуой… Талыы уустук, таһырдьа быраҕыы эбэтэр хаалларыы. Сытыгар-сымарыгар тулуйан олоруу.
— Элбэх квартиралаах дьиэлэрбитигэр куоска уонна куоска оҕотун кыһалҕата сытыытык турар боппуруос. Бу туохтан маннык көстүү тахсарый? Биллэн турар, хаһаайынтан тутулуктаах. Хаһаайын дьиэ кыылыгар эппиэтинэһэ суох сыһыаннаһыытыттан тахсар.
Харысхан Попов