Тыа сиригэр култуура үлэһитэ буолар судургута суох. Түбүктээх үлэ кэнниттэн сынньанар сир ахсааннаах. Нэһилиэктэргэ сүрүн сынньанар сир култуура дьиэтэ буолар. Онуоха үлэ сатамньылаахтык барарыттан нэһилиэнньэ култуурунай олоҕо улахан тутулуктаах.
Нам улууһун нэһилиэктэриттэн Хамаҕатта социальнай эбийиэктэрин ахсаанынан барыларын куоһарда диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Ол курдук, кэккэ сылларга нэһилиэккэ дойду тустаах программаларыгар, национальнай бырайыактарга сөптөөхтүк үлэлэһэн саҥа тутуулары баар гыннылар: уһуйаан, оскуола, спорт саала, толору хааччыллыылаах элбэх квартиралаах дьиэ. Ону тэҥэ, национальнай бырайыак күүһэ Хамаҕатта асфальт суола өссө тупсарыгар уурулунна.
Арай, “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинэ дыбарыаска наадыйар… Киин 2021 сыллаахха саҥардыллан тыынын уһатар. Бэлиэтээн эттэххэ, улууспут улахан нэһилиэктэриттэн билиҥҥитэ Хамаҕатта эрэ култуура дьиэтэ суох диэн ааттыыбыт.
Ол курдук, 2021 сыллаахха 9 мөл солк. суумалаах капитальнай өрөмүөн ыытыллыбыта. Оттон 2023 сыллаахха киин экран ылбыта. Аны быйыл 2024 сыллаахха киинэ көрдөрөр буолла.
Айымньылаах үлэтин 1988 сыллаахтан “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинигэр саҕалаабыт Антонина Харитонова оччоттон-баччаҕа диэри үгүс уларыйыыны көрөн кэлбит салайааччынан биллэр. Дириэктэр дуоһунаһыгар 2006 сылтан олорор Антонина Харитонова олохтоохтор санааларын көтөҕөргө араас элбэх тэрээһини ыыппыт, нэһилиэккэ өрө көтөҕүллүүнү тута сылдьааччы дьиҥ култуура эйгэтин киһитэ.
“Үлэлии киириэхпиттэн, дьону хамсатар үгүс көрү-нары көҕүлүттэн туппуппут, санааҕа өйдүү сылдьарга уһун сылларга хаалар айылҕаҕа тахсан тэрээһиннэри ыытан турабыт”, – диир Антонина Алексеевна.
Хамаҕатта “Түһүлгэ” киини дириэктэр, 5 специалист, 2 алын сүһүөх персонал тутан олорор. Ол курдук, уус-уран салайааччынан Татьяна Гаврильева кыайа-хото үлэлиир. Ырыаҕа, иискэ хас да түмсүүлээх жанрдарга специалист Надежда Макарова, фольклорга, үҥкүүгэ, тойукка Хамаҕаттаҕа фольклор жанра сайдарыгар улахан кылаатын киллэрэр Оксана Кудрина буолаллар. Тэрилтэ тутаах киһитэ, кулууп үлэтигэр методист Татьяна Уодай таһаарыылаахтык үлэлиир.
Звукооператордарга Хамаҕатта ыччата үлэлээн кэллэ. Тэрээһиннэр үрдүк таһымҥа ыытылларыгар улахан суолтаны ылар специалист буоларын директор Антонина Харитонова бэлиэтиир. Быйыл Владимир Новгородов звукооператор үлэтигэр киирдэ. Холобура, Хамаҕаттаҕа үҥкүү биэчэрдэригэр улуус ыччата хото мустарыгар, ырыалары сыымайдаан талар звукооператор уустук үлэтигэр киирсэр.
Кулууп сырдык, ыраас буоларыгар алын сүһүөх персоналтан тутулук ирдэнэр. Урукку сылларга сүрүн күүстэрин ууран үлэлээбит Ольга Москвитина уонна Татьяна Канаева буолаллар. Оттон билигин кинилэр үлэлэрин Мария Новгородова салгыыр. Кулууп таһа ыраас турарыгар Виктор Попов кыһамньылаахтык үлэлиир.
Кулууп сүрүн үлэтэ – нэһилиэнньэни уус-уран самодеятельность жанрдарыгар сыһыарыы, түмүү. Урукку сылларга, араас хайысхаларга талааннаах дьону наардаан, сөптөөх салааҕа туруоран нэһилиэк дьоно бэйэлэригэр сынньалаҥы тэрийэллэригэр усулуобуйа олохтонор эбит. Манна дьон күннээҕи түбүктээх үлэтиттэн сынньанарын дириэктэр этэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ кулууп үлэтэ дьону тугунан угуйуохтааҕый? Бастатан туран, хаачыстыбалаах тэрээһиннэр, интэриэстэринэн түмсүүлэр диэн чопчулуур дириэктэр. Олохтоохтор кулуупка кэлэннэр туох эрэ саҥаны, сонуну билэллэригэр, талааннарын арыйалларыгар диэн өйдөбүл киириэхтээх.
Култуура үлэһиттэрэ көрүүлэринэн, Нам улууһугар М.К. Аммосов аатынан култуура Дыбарыаһа үлэҕэ киириэҕиттэн, көрөөччү ахсаана элбээбит. Оннук дьон үрдүк таһымнаах сонун тэрээһиннэри, кэнсиэрдэри көрүөн баҕарар буолбута этиллэр.
“Нам улууһугар фольклорга, вокалга, театральнай, хореография өттүнэн, бары хайысхаҕа сайдыы барар диэн көрөбүн. Оччотугар, улууспутугар норуот коллективтара, үҥкүү коллективтара, вокал ансаамбыллара элбииллэр. Ону тэҥэ, трио, биирдиилээн ырыаһыттар да үксүүллэрэ элбэҕи этэр.
Нэһилиэктэр икки ардыларыгар сыл аайы ыытыллар уус-уран самодеятельноһы көрүү хайаан да наада. Онно биллэр, талаан көстөрө, сайдыы тахсара. Мин санаабар, мантан тахсаллар саҥа талааннар.
Нэһилиэккэ тэрилтэ үлэтэ салаллан барарыгар, хайдах баһылык олорбутуттан эмиэ тутулуктаах дии саныыбын. Биир бэйэм тус санаам, хамаҕатталар баһылыктарбытыгар табыллан хайысха барыта тэҥҥэ тахсар: спорт, үөрэх, култуура. Ол курдук, баһылыктаан кэлбиттэр хас биирдиилэрэ бэйэлэрэ сатыылларынан, көрүүлэринэн кылааттарын киллэрбит баһылыктар буолаллар диэн куруук этэбин, санатабын”, – диэн санаатын үллэстэр салайааччы Антонина Алексеевна.
Дириэктэр хараҕынан, ыччат сынньанарыгар, кинилэр таһымнарыгар тиийэри тэрийбэтэххинэ, куоттарар санаа баар эбит. Ким дьиэҕэ соҕотох олорон бэйэтин-бэйэтигэр хаатыйаланыан баҕарыай?! Ыччат ортотугар кэйэ сылдьар, ханна да көстүбэтэх талаан син биир баарыгар Антонина Харитонова бүк эрэллээх.
“Түһүлгэ” норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Антонина Харитонова бэйэтинэн туоһу буолар. Кини оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар тэрээһиннэри ыытар, хоһоон ааҕар, хорга ыллыыр эбит. Кэлин сатабылын тупсаран култуура эйгэтигэр талаһара үрдээбит. Култуура үлэһитэ буолар быатыгар, бу идэни баһылыырыгар биллэн турар, учууталлара улахан оруоллаахтарын Антонина Алексеевна ахтар.
“Аһаҕастык этэбин, биһиги коллектив сааһыран эрэбит. Эдэр көлүөнэни иитэн таһаарыахха, үөрэтиэххэ наада.
Аны бу толору туоларыгар бары өттүнэн эппиэттиир дьиэ-уот наада: бары усулуобуйаҕа эппиэттиир сабыс-саҥа таас дыбарыас. Дьон түмсэр, киэн туттар, астынар дьиэтэ дьэндэйиэн баҕарабын. Үлэлииргэ-хамсыырга хореограф, хормейстер, режиссер, звукооператор, уоту-күөһү кытта үлэлиир штаттар баар буолалларыгар ыра санаа сүппэт.
Специалистар билиилэрэ, таһымнара, дьону кытта кэпсэтиилэрэ улахан оруоллаах. Кулуупка билии ыла кэлээччи специалистан элбэҕи билээри кэлэр диэн санаанан үлэлиибит. Кини билиитин толору биэриэхтээх диэн өйдөбүл бастакы уочаракка турар. Оччотугар үлэлии сылдьар тэтиммитин ыһыктыбакка, инники кэлэр үлэһиттэргэ бука барытын хаалларыахпыт этэ диэн баҕа санаалаахпын”, – диэн кэпсиир Антонина Алексеевна.
Олохтоох дьаһалта, салалта 2027 сылтан саҥа кулууп тутулларын туруорсан саҕалыаҕа. Онуоха диэри ирдэнэр докумуоннары барытын толору бэлэмнээн 2027 сылтан күүстээх туруорсуулар барыахтара, туруулаһар үлэлэр ыытыллыахтара.
Харысхан Попов