Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чугас дьонноругар үөрүүлээх уонна курус күннэргэ куруук бииргэ буолар. Ол курдук, Саха сиригэр бэс ыйыгар ыһыахтар салҕаналлар. Сайын кэлбитин бэлиэтиир күҥҥэ, салалта байыастар дьиэ кэргэттэрин ыһыах маанылаах астарынан күндүлээбитэ.
“Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чугас дьонноругар Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата, ону кытта улууспут сүрүн тэрилтэлэрэ туора турбакка, хайдах да түгэҥҥэ куруутун күүс-көмө, дурда-хахха буолаллар”, – диир ыччат лиидэрэ Майя Румянцева.
Нам улууһун ыһыаҕын күнүгэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар “Намкоммунтеплоэнерго”, Намнааҕы электричество ситимэ, “Сахатранснефтегаз”, КУМИ, “Якутлесресурс”, киин бухгалтерия, Намнааҕы педагогическай колледж, Намнааҕы киин балыыһа, Намнааҕы баҕа өттүнэн баһаарынай хамаанда, Намнааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэрэ, Намнааҕы “Берегиня” социальнай киин, култуура управлениета, спорт управлениета, үөрэх управлениета, ветеринария управлениета, тыа хаһаайыстыбатын управлениета, Намнааҕы искусство оскуолата, “Түөлбэ” оҕо киинэ, улуустааҕы гимназия, Намнааҕы 1-кы, 2-с, 3-с №-дээх оскуолалар, Намнааҕы алын кылаас оскуола, “Солнышко”, “Кустук”, “Кэнчээри”, “Чэчир”, “Кэскил”, “Кыталык”, “Туллукчаан”, “Көлүкэчээн”, “Чуораанчык”, “Теремок” уһуйааннар тэрилтэлэрин, олохтоох дьаһалта, депутаттар уонна общественниктар ааттарыттан эҕэрдэлээн тураннар барыта 85 ыалга үтэһэлээх эти кытта быырпаҕынан күндүлээбиттэрэ.
Ону тэҥэ, П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтин иһинэн үлэлиир Ирина Неустроева салайааччылаах “Алгыс” ансамбль Санкт-Петербург куоракка бэс ыйын 11-18 күннэригэр “Добровидение” фестивальга кытта бара сылдьаннар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар балык миинэ уонна морс илдьэн турардаахтар.
Харысхан Попов