Сомоҕолоһон кыайыыны уһансыахха
Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан дойдубут туһугар кыттыыны ыла сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, буойуннарбытыгар көмө буолар марафоннар, акциялар ыытыллаллар. Манна Нам улууһун тэрилтэлэрэ, нэһилиэктэр олохтоохторо, общественнай түмсүүлэр тиһигин быспакка үбүнэн, байыаннай таҥас тигэн кыттыыны ылаллар, тус кылааттарын киллэрэллэр.
Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан «Нам улууһа» МТ баһылыга Юрий Слепцов дьаһалынан, саас уонна күһүн улуустан делегация тэриллэн ас-үөл, мал-сал, тэрил, таҥас-сап, эмп илдьэн туттарар, санааларын бөҕөргөтөллөр, кыайыыга дьулууру саҕаллар. Бу туһунан улуус депутаттарын сэбиэтин председателэ, байыаннай дьайыы улуустааҕы штабын салайааччыта Алексей Винокуровтан билистибит:
— Сэтинньигэ улуустан 6 киһилээх делегация Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсө, көмө илдьэ, тус аадырыстаммыт баһыылкалары тиэрдэ баран кэллилэр. Тоҕо саас, күһүн баралларый диир буоллахха, кэм уларыйар бириэмэлэрэ буолаллар. Ол курдук саас бадараан, ардах, күһүн силбик, хаар кэмигэр усулуобуйалара ыарахан, уустук буолар. Бу кэмҥэ сөптөөх мал-сал, ас-үөл, таҥас олус наадалаах.
Бу былааннаммыт барыы кыстыкка киириигэ туһаайыллар. Эрдэ биллэриллибитинэн, нэһилиэктэр дьаһалталара, олохтоохторбут, тэрилтэ үлэһиттэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэр, хамсааһыннар, бааһынай хаһаайыстыбалар, урбаанньыттар байыастарбытыгар күүс-көмө буолан, барыта кыайыы туһугар диэн санаанан салайтаран көмө оҥордулар. Ол курдук, уолаттарбытыгар дойдуларын дьоно муҥхалаан ылбыт сибиэһэй соболоруттан, убаһа, сүөһү этин, итиэннэ бэйэбит оҥорон таһаарар бородууксуйабытын, бурдук ас арааһын тиэртибит. П.Н., Н.Е. Самсоновтар ааттарын сүгэр агротехнологическай хайысхалаах Хатас орто оскуолатыгар (дир. Николай Слепцов) хатарыллыбыт собо миинин бэлэмнэттибит. Буойуннар төрөппүттэрэ, чугас дьонноро бэлэмнээн аҕалбыт тус аадырыстаах 42 баһыылканы дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын үлэһиттэрэ кичэллээхтик бэлэмнээбиттэрэ.
Алтынньы 17 күнүгэр «Биир санаанан – биир сомоҕо» өйөбүл акция буолан ааспыта. Бу күн дьаарбаҥка тэриллэн, көмө угуллар дьааһык туруоруллан уонна кэнсиэр билиэтиттэн киирбит, тэрилтэ үлэһиттэрэ биир күннээҕи хамнастарын анааннар 5 мөл. солк. кэриҥэ үп көмө киирбитэ. Байыастарбытыгар көмө оҥорортон туора турбакка, кыайыы, биир сомоҕо туһугар биир санаанан кыттыһалларыгар махталбытын тиэрдэбит.
Семен Аргунов
Дойдубут көмөтө олус күндү: Улуус делегацията СВО-ҕа төрдүс сырыытыттан
Бу ый саҕаланыыта улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Анатолий Павлов салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы буолар сиригэр баран кэллэ. Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан делегация төрдүс сырыыта буолар.
Делегация барыан иннинэ көмө акция тэриллибитэ. Манна улууспут хас биирдии дьоно, тэрилтэлэрэ, урбаанньыттара, түмсүүлэрэ – бары туора турбакка, ким төһө кыахтааҕынан көмөлөспүтэ. Биирдии күннээх хамнастарын, араас таҥас-сап, ас-үөл, туттар тэрил о.д.а. биэрбиттэрэ. Бу сырыыга баралларыгар улуус тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ бэрэски буһаран тоҥорбуттара. Ону таһынан, Дмитрий Аргунов убаһа этин ыыһаан бэлэмнээбитэ. Уопсайа 1,5 туонна таһаҕас буолбута.
Сиһилии улуус баһылыгын э.т. Анатолий Павлов бу курдук иһитиннэрэр:
— Москва куоракка тиийэн үс күн уолаттарбытыгар наадалаах малы-салы, ону сэргэ сакаастарын атыыласпыппыт. Онтон үһүс күммүтүгэр мантан таһаҕаспыт тиийбитэ. Тоҥ уонна ыыһаммыт эттээх буоламмыт, самолет тиийээтин кытта аэропортан малбытын тиэнэн Новоазовскайга айааннаабыппыт. Аара Ростов куоракка тиийбэт диэбиппитин эбии уонна 4 мотоцикл атыыласпыппыт.
Бу куоракка опорнай пууҥҥа биир дойдулаахпыт Руслан Ипполитов үлэлиир. Кинини көмөҕө ыҥыран ылбыппыт. Бу эҥэр эрдэ хараҥарар буолан, опорнай пуун үлэтин чааһа сарсыарда 7:30 чаастан саҕаланар. Мунньахтаан, быһаарсан баран үлэлии тарҕаһаллар. Икки хамаандаҕа арахсан, үлэбитин саҕалаабыппыт. 10 комплегы хомуйан икки киһибит опорниктары кытта уолаттарбытын көрсө айаннаабыттара. Хаалбыттар салгыы комплектары хомуйбуппут. Бу комплект диэн рюкзакка туһаныллар мал-сал, эмп-томп, харысхал, сурук, бэрчээккэ, бэргэһэ о.д.а. наардаан угаттыыбыт. Ону таһынан, атах таҥастарын, флисовай таҥастары, термобельелары размердарынан наардаан дьааһыкка симэтэлиибит. Уолаттарга тиийэн, размердарын ыйытан тутатына туттарар курдук.
Донецкай, Запорожскай уобаластарга тиийэн уолаттарбытын көрсүбүппүт. Хас биирдии хамсаныыбыт чааһынан. Оруобуна чааһынан көҥүллэтэр буолан, уолаттарбыт даҕаны өр күүтэн турбаттар. Балаһыанньа олох уустугурбут. Урукку сырыыларга судургу соҕус эбит буоллаҕына, билигин барыта кытааппыт. Субу көрсөөрү сылдьан эмиэ эрийсэн билсэбит. Кэлиҥ-кэлимэҥ диэн уолаттарбыт сэрэтэллэр. Хонтуруол да кытааппыт. Элбэх блокпостары ааһабыт. Манна биири тоһоҕолоон этэр буоллахха, Саха сирэ куруук сылдьар буолан, харабыллар билэллэр. Тоҕо диэтэр, биһиги дьоммут техникалара бэйэбит региоммут 14-с нүөмэринэн сылдьаллар. Онон, айанныырга арыый да судургу курдук.
Сылдьыбыт куораттарбытыгар барыларыгар комендантскай чаас үлэлиир. Гостиницабытыгар сөбүгэр тиийиэхтээхпит. Онно эрэ тиийдэхпитинэ вай-файга холбонон сибээскэ тахсабыт. Арай сибээскэ холбоммуппутугар уолаттарбыт сурук бөҕө буолбуттар. Көрсүбүт сирбитигэр, барбыппытын кэнниттэн, дрон бөҕө көтөн кэлбит. Онуоха уолаттарбыт аймаммыттар, ол иһин сураспыттар эбит.
Луганскай уобаласка Саха сирин опорнай пууна үлэлиир. Манна уолаттарбыт кыайан тахсыбат буолан, маллары, астары барытын наардаан баран пууҥҥа хаалларбыппыт. Опорниктар хайаан да тиэрдиэхпит диэн эрэннэрбиттэрэ. Ону таһынан «Боотурдары» көрсөн, Намтан сылдьар уолаттарга эмиэ малларбытын түҥэппиппит. Салгыы Курскай уобаласка тиийэн дьоммутун көрсүбүппүт. Уолаттартан кимнээҕи көрсөллөрүн сураһан, малларын наардаан хаалларбыппыт. Үксэ нэһилиэнньэлээх пууннар истэринэн айанныыр буолан массыынаҕа хааччахтаах. Барыта ыгым.
Уопсайа 72 уолу илэ көрсөн, кэпсэтэн, малбытын тиэрдэн кэллибит. Уолаттарбыт харысхалга, суруктарга олус үөрэллэр эбит диэн бэлиэтээн көрдүбүт. Саха дьоно буоларбыт быһыытынан, харысхалы туттар, туһанар эбиттэр. Оттон оҕолор ис сүрэхтэриттэн суруйбут суруктарын ааҕан, күүстэригэр күүс, сарсыҥҥыга эрэл, кыайыыга дьулуур үөскүүр эбит диэн үөрэ кэпсииллэр. Ону сэргэ, төрөөбүт астарын амсайан «кыл түгэнэ дойдубутугар баар курдук сананныбыт» диэн үөрүүлэрин үллэстибиттэрэ. Ис сүрэхтэн махталларын тиэрдэллэр. Дойдубут дьоно-сэргэтэ биһиэхэ ыалдьан, көмө ыыталлара олус күндү диэн этэллэр. Хаххалыыр (маскировочнай) сеткалары техникалаах дьоҥҥо биэрэ сатаабыппыт, ону сэргэ аадырыстанан ыытыллыбыт буойуттарбытыгар тиэрдибиппит.
Улууспут дьоно-сэргэтэ түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буолан, бу айаммыт табылынна, сыалбытын-сорукпутун ситтибит. Хас биирдиигит көмөтө кыайыыга хардыы буолар. Буойун уолаттарбыт санаалара бөҕөх, кытаанах.
Анна Созонова, «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
* * *
Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр улахан болҕомто уураллар. Ол курдук, президент Владимир Путин 2023 сыллаахха муус устар 3 күнүнээҕи ыйааҕынан «Защитники Отечества» диэн байыаннай дьайыы кыттааччыларын, дьиэ кэргэннэрин өйүүр фонда тэриллибитэ. Намнааҕы салааҕа Татьяна Гуляева ананан «Бизнес-инкубатор» дьиэтигэр дьону көрсөр. Итиэннэ, Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэннэрин комитетын СӨ регионнааҕы штабын Намнааҕы салаатын председателинэн Н. Рыкунов аатынан Нам улууһун киин библиотекатын директора Майя Софронова үлэлиир.
Көмөҕө наадыйааччы судаарыстыбаҕа эрэнэр
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр чугас дьонноругар бары хайысхаҕа көрүллэр чэпчэтиилэр олоххо киирэн үлэлииллэр. Нам улууһун олохтоох дьаһалталара байыаннай дьайыыга кыттар байыастарга тыылтан үгүс гуманитарнай көмө оҥороллор, ыыталлар. Оттон байыастар дьиэ кэргэттэрэ, чугас дьоно көрсөр уустуктарыгар тэрилтэлэр, ыччат бэйэлэрин көмөлөрүн биллэрэллэр. Ону тэҥэ, кыайыыны чугаһатарга байыаннай дьайыыга сылдьааччыларга баҕа санааларынан көмөлөһөр дьон ахсаана күнтэн-күн элбиир, кэҥиир.
Ол курдук, Нам улууһугар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр судаарыстыбаннай фонда филиалыгар быйыл от ыйыттан үлэлиир Татьяна Гуляева туох чэпчэтиилэр, көмөлөр баалларын билиһиннэриэҕэ.
— Татьяна Егоровна, үлэҕит сүрүн болҕомтото туохха уурулларый?
— Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр чугас дьонугар көмө куруук наада. Эйиэхэ көмөҕө наадыйан кэлээччилэр – эн көмөҕөр эрэнэллэр. Онуоха ЧВК «Вагнер» түмсүү саллааттара бойобуой дьайыы ветерана удостоверение ылалларыгар кэккэ уустугу көрсөллөрүн этэллэр. Удостоверение хайаатар да бэриллиэхтээх. Маны ситиһэргэ элбэх бириэмэ, сыралаах үлэ ирдэнэр. Сураҕа суох сүппүттэри көрдөөн булууга элбэх этии киирэр.
Сүрүн үлэбит ууруллар – байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ туох чэпчэтиилэринэн туһаналларыгар сүбэ-ама биэрии, ыйыы-кэрдии. Үксүн сүтүктээх дьиэ кэргэттэри кытта, бойобуой дьайыы ветераннарын, бааһырбыт байыастары кытта үлэлэһэбит. Ону таһынан, байыаннай дьайыыга кыттыыны ыла сылдьар байыастары кытта эмиэ, ким көмөҕө наадыйбыкка болҕомто уурабыт.
— Көмөҕө наадыйааччылар ордук туохха мунаахсыйалларый?
— Бастакытынан, санаторийдары интэриэһиргииллэр. Бааһырбыт байыастар хайдах быһыылаахтык реабилитация ааһалларын элбэхтэ ыйыталлар. Иккиһинэн, коммунальнай өҥөҕө туох чэпчэтиилэр баалларын туоһулаһаллар. Холобура, суох буолбут саллааттар оҕолоругар биэнсийэ анатар туһунан кэпсэтиилэр буолаллар. Араас көмөҕө наадыйааччы, кыһалҕалаах үгүс. Дьиэҕэ гаас ситимин киллэттэрээри, холбуур туһунан ыйытыылар киирэллэр.
Санаторийдарга доруобуйаларын көрүнэ, реабилитациялана, сынньана барааччылар үксүн Москваҕа «Бэс Чагда» санаторийга, Дьокуускайга Чайковскай уулуссаҕа, Р. Зорге аат. уул. баар реабилитация кииннэригэр айанныыллар.
Байыас дьиэ кэргэнигэр коммунальнай өҥө төлөбүрүгэр 50 бырыһыан чэпчэтии көрүллэр. Ол эрээри, чугас дьоно байыаһы кытта биир дьиэҕэ олорор буоллаҕына, докумуонунан пропискалаах буолар түгэнигэр эрэ чэпчэтии күүһүгэр киирэр. Эппитим курдук, байыаннай дьайыы кыттыылааҕа быһаччы ханна пропискалааҕынан көмө көрүллүүтэ улахан оруоллаах.
Дьайыыттан кэлбит байыастар үлэ булалларыгар эмиэ көмө баар. Холобура, байыастар үлэ булалларыгар бу сайын Дьокуускайга үстэ үлэ дьаарбаҥкатын тэрийбиппит. Дьаарбаҥканан эрэ муҥурдаммакка, эйэлээх олоххо эргиллибит байыас үлэлээх буоларыгар дьарыктаах буолуу киин күүстээх үлэни ыытар.
— Саллаат дьиэ кэргэнэ, чугас дьоно өссө туох чэпчэтиилэринэн туһанарый?
Дьиэ кэргэттэр оҕолоро уһуйааҥҥа, үөрэх кыһаларыгар быһалыы уочарата суох киириэхтээхтэр. Устудьуоннар ый аайы анал үрдэтиллибит стипендия ылаллар. Бу манна хас биирдии үөрэх тэрилтэтин стипендия көрүүтэ тус-туһунан буоларынан, арааһынай сууманы биэрэллэр.
Биһиги улууспут олохтоох дьаһалтата үгүс көмөнү оҥорорун бэлиэтиибин. Ол курдук, бары өттүнэн, аһынан, харчынан, материальнай көмө көрүллүүтэ элбэх. Дьайыы хонуутугар сылдьааччыларга, манна хаалбыттарга кыһаллыы, болҕомто улаханын нэһилиэнньэ билэ-көрө сылдьара элбэҕи этэр.
Медицина эйгэтигэр чэпчэтиилэри эттэххэ, байыаннай дьайыы кыттыылааҕа доруобуйатын көрдөрөрүгэр, байыас буоларын туоһулуур удостоверениетын көрдөрдөҕүнэ уочарата суох бырааска быһа киирэр кыахтаах. Итинник удостоверениенан кини чугас дьоно култуура буоллун, спорт буоллун, бары хайысхаҕа барытыгар босхо киириэхтээхтэр. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, Наммыт улууһугар байыас оҕото, чугас киһитэ буоларын туоһулуур удостоверение көрдөрөн туһааннаах тэрилтэлэргэ, автобус сырыытыгар туһаналлар.
— Нэһилиэнньэ чэпчэтиилэр баалларын төһө билэр эбитий?
Нам улууһугар нэһилиэктэр олохтоох дьаһалталара үчүгэйдик үлэлииллэрэ көстөр. Нэһилиэктэринэн айаннаан специалистары кытта билсэн үлэлээтим. Тус бэйэм балаҕан ыйын ортотугар улуус соҕуруу өттүнээҕи нэһилиэктэригэр, Үөдэйтэн Намҥа диэри сылдьан билсибитим. Оттон алтынньыга Намтан Хатырыкка диэри сырыттым. Ол курдук, бу хайысхаҕа үлэлэһэр специалистар дьиэ кэргэттэри, көмөҕө наадыйааччылары кытта төһө сибээс туталларын билсибитим. Тэҥнээн көрдөххө, үксүн диэххэ, нэһилиэнньэ туох көмө баарын, иннин-кэннин билэ-көрө сылдьаллара көстөр.
Айсен Осипов, байыаннай дьайыы кыттыылааҕын уола:
— Аҕам, Семен, байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уола буоларбынан, ХИФУ медицинскэй институтугар үөрэххэ киирэрбэр чэпчэтии көрүллүбүтэ. Ону таһынан, үөрэхпиттэн ый аайы 5500 солк. кэриҥэ үрдэтиллибит стипендия ылабын. Аҕам байыаннай дьайыыга 2022 сыллаахха күһүөрү барбыта.
Маннык бөлөххө киирэр уолаттар, аҕалара байыаннай дьайыы кыттыылааҕа буоллаҕына, кинилэри дьайыы буола турар сиригэр ылбаттар. Байыаннай дьайыы кыттыылааҕын чугас дьонугар судаарыстыбаттан көмөлөр, чэпчэтиилэр баалларын билэбин. Холобура, нэһилиэкпит олохтоох дьаһалтата, олохтоохтор эбэбитигэр куруук күүс-көмө буолаллар.
Харысхан Попов
Саамай күндү бэлэх: Докучаевскай куорат библиотекатын фондатын хаҥатыстыбыт
Нам улууһун кииннэммит библиотекатын директора, СӨ Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин координатора (КСВО) Майя Софронова көҕүлээһининэн, Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар «Подари ребенку книгу» диэн киэҥ ыҥырыылаах аһымал акция тэриллибитэ.
Акция түмүктэнэн, бу күннэргэ биэс хоппо кинигэ Докучаевскай куорат (ДНР) оҕо библиотекатыгар тиийбит. Акцияҕа өрөспүүбүлүкэ библиотекалара, улууспут нэһилиэктэрин баһылыктара, культура үлэһиттэрэ уо.д.а. тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон-сэргэ көхтөөхтүк кытынна. Инньэ гынан, эдэр ааҕааччыларга саамай интэриэһинэй, сэдэх кинигэлэр тиэрдилиннилэр.
Майя Софронова:
– СӨ Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Намнааҕы салаата, Нам улууһун кииннэммит библиотекатын коллектива «Оҕоҕо кинигэтэ бэлэхтээ» диэн көмө акцияны сыллата тэрийээччибит. Быйылгы акциябыт ДНР оҕолоругар кинигэнэн көмө оҥорорго анаммыта уонна Докучаевск шеф куораппыт оҕо библиотекатын фондата хаҥыырыгар анаабыппыт. Бу ыҥырыыбытын ылынан, олус элбэх үтүө дьон көмөлөстө. Ол курдук, быыкаа уһуйаан оҕолоруттан саҕалаан, оскуола үөрэнээччилэрэ, нэһилиэктэрбит баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара, культура үлэһиттэрэ кытыннылар. Акциябыт күнтэн күн кэҥээн, күүһүн ылан биһиэхэ кыттыстылар доҕотторбут: «Айар» кинигэ кыһата, өрөспүүбүлүкэбит библиотекаларын директордара бука бары, Сунтаар улууһун дьоно-сэргэтэ. Бу курдук араас интэриэһинэй ис хоһоонноох оҕо кинигэтэ хомулунна. Маны барытын түмэн, Георгий Куркутов салайааччылаах байыаннай дьайыыга гуманитарнай көмөнү күннэтэ ыытар өрөспүүбүлүкэ сүрүннүүр киинин үлэһиттэригэр туттарбыппыт. Кинилэр олус бэркэ тиэйэн илдьэн, Новоазовскай тирэх пуун үлэһиттэрин нөҥүө аадырыһыгар тириэртилэр. Ону Докучаевскай куораттааҕы коллегаларбыт тутан, биһиэхэ библиотекаттан наһаа үчүгэй хаартыскалар кэлэннэр, олуһун үөртүлэр, долгуттулар.
Акцияҕа кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар бу үөрүүлээх сонуну тиэртибит уонна да инникитин маннык тэрээһини ыыта туруохпут диэн эрэннэрэбит. Оҕолорго кинигэтэ бэлэхтээҥ, ааҕарга уһуйуҥ диэн барыгытын ыҥырабын.
Хомуллубут кинигэлэр кырачаан ааҕааччылары үөрдүөхтэрэ, куорат библиотекатын фондатыгар дьоһун кылаат буолуохтара диэн эрэнэбит.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу сыл тохсунньутугар Москваҕа Саха сирэ Докучаевскай куораты бэйэтин аннынан ылан көмөлөһөрүн туһунан Сөбүлэһиигэ илии баттаммыта. «Куораты сөргүтүү үлэтин тус хонтуруолбар тутуоҕум», -диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтээн турар. Сөбүлэҥ сыала-соруга: ОДьКХ, социальнай инфраструктураны, эбийиэктэри сөргүтүүгэ икки өттүттэн бииргэ үлэлэһиини күүһүрдүү буолар. Былаан быһыытынан, бу сылга 65 эбийиэги, 2025 сылга 19 эбийиэги сөргүтүү былааннанар.
Лена Ноговицына
«Сыдьаайа» иис сыаҕа үлэтин тохтоппот
Хатыҥ Арыы нэһилиэгин «Сыдьаайа» иис сыаҕа байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга анаан таҥас тигэн үлэлээбитэ номнуо 1,5 сыл буолла. Күн күбэй ийэлэрбит, эбэлэрбит бары күүстэрин, сыраларын ууран, күннэрин аахсыбакка сылаас илиилэринэн тикпит таҥастарын Дьокуускайга «Илии сылааһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи сыахха киллэрэн туттараллар.
Иистэнэр сыах уонна «Далбар» дьахтар сүбэтин салайааччыта Дария Мальцева иһитиннэрбитинэн, сайын устата төрдүө буолан: Дария Мальцева, Галина Суханова, Мария Кривошапкина, Валентина Сивцева иистэммиттэр. Бу саас Бөтүҥ нэһилиэгиттэн Валентина Макарова салайааччылаах иис сыаҕа кэлэн үөрэнэн, эмиэ сыах тэринэн үлэлии олороллор.
Муус устарга Нам улууһун делегацията СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар командировкаҕа баралларыгар, чуолаан, «Воин» общественнай тэрээһин салайааччыта Павел Оконешниковка, уолаттарга анаан 3 х/б көстүүм комплегын, 5 флис толстовканы, 4 плащевка көстүүм комплегын, 19 футболканы, 24 подкаснигы, 4 снуду тигэн биэрбиттэр.
Сайыҥҥы ыйдарга уопсайа 49 х/б көстүүм, флис толстовка 44, флис жилет 9, тактическай ырбаахы 32 устуука, футболка 57, плащевка көстүүм 23, нательнай комплект 10, балаклава 3, подкасник 40, снуд 4 устууканы тикпиттэр. Кыайыыны чугаһатарга сэмэй кылааппытын киллэрэрбититтэн үөрэбит.
Надежда Сивцева
Хатырыкка «Илии сылааһа» иис түмсүүтэ тэрилиннэ
Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарбытыгар күүс-көмө буоларга нэһилиэнньэ бүттүүн турунар. Ол курдук, сэтинньи 9-10 күннэригэр Саввина Ирина Егоровна салайааччылаах «Илии сылааһа» иис сыаҕа кэлэн хатырыктарга байыаннай таҥас-сап тигиитигэр маастар-кылаас ыыттылар.
Кинилэр дьарыктаммыттара үс сыла эбит. Олохтоохтор дьахтар сэбиэтин (сал. А.А. Макитова) көҕүлээһининэн икки күн 26 далбар хотун кэлэн иистэннэ. Ону кытта Наумова Прасковья Дмитриевна салайааччылаах Хатырыкка «Илии сылааһа «иис түмсүүтэ тэрилиннэ.
Валентин Васильев — Эрчим Баһыл
Бааһырбыт байыастарга өрүһүлтэ – байыаннай быраас. Егор Старостин: «Куттанар, уолуйар бырааппыт суох»
Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр дойду араас муннуктарыттан медицинэ үгүс эйгэтин үлэһиттэрэ бааллар. Кинилэр – байыастары эмтээн, көрөн-истэн үтүөрдэн атахтарыгар туруорар саамай тутаах дьоннор. Аны туран, инники кирбиигэ сылдьан көмөҕө наадыйбыттары өстөөх уотуттан быыһаан таһаарар аанньаллар.
Намнааҕы киин балыыһа травматолог бырааһа Егор Старостин бу дьыл кулун тутар 3-тэн муус устар 30 күнүгэр диэри Докучаевск куоракка бэйэтин баҕатынан бааһырбыт байыастарга көмө оҥорон кэлбитэ. Егор Егорович байыаннай дьайыыга тугу көрбүтүн, дьон туох санаалааҕын туһунан кэпсээн сырдатыаҕа.
– Егор Егорович, байыаннай дьайыы буола турар сиригэр барарга хайдах быһаарыммыккыный?
– Дойдубутугар мобилизация саҕаламмытыгар, дьайыыга баҕа өттүнэн айанныыр быраастар кэккэлэригэр киирэммин, барарым туһунан салалтабыттан ыйыппытым. Онуоха миигин бэлиэҕэ ылбыттара. Биир үтүө күн ыйыппыттарыгар, аккаастаммака байыаннай дьайыы буола турар сиригэр тиийбитим. Биһиги Саха сириттэн биэс буолан: хирург, травматолог, анестизиолог-реаниматолог идэлээхтэр олохтоох нэһилиэнньэҕэ уонна байыаннайдарга көмө оҥорор сыаллаах-соруктаах барбыппыт. Бэлиэтээн эттэххэ, байыаннай быраастар үксүлэрэ бэйэлэрин кыанар орто саастаах эр дьон буолаллар.
– Бастакы күн хайдах этэй? Чугас дьонуҥ өйөөбүттэрэ дуо?
– Маҥнай кэргэммэр эппиппэр, биллэн турар, утарбыта. Кэлин, уустук кэмҥэ барыбытыттан көмө наада диэн өйдөтүүнү иҥэрии кэнниттэн, өйө-санаата ылыммыта уонна өйөөбүтэ. Итинник чугас киһим уонна доҕотторум өйөбүллэрин ылан, байыаннай дьайыыга ис санаам бөҕө туруктаах айаннаабытым.
Тиийбиппитигэр балыыһаҕа олорон үлэлиирбитин, онно-манна барыы-кэлии суох буолуохтааҕын кытаанахтык эппиттэрэ. Бастакы күннэргэ куораппытыттан 12-13 км тэйиччи сиргэ дьайыы бара турар буолан, буомба, граната эстэриттэн, өстөөх авиациятын утары оборуона үлэлиириттэн соһуйуу, дьиксинии, куттаныы да баара. Биирдэ Саха сирин бэрэстэбиитэлэ «дьылҕа-хаан этэринэн сылдьар буол» диэбититтэн холкутуйбутум, барытын буолуохтааҕын курдук ылыммытым.
Ити курдук, икки ый устата 600 кэриҥэ көмөнү оҥорбуппут. Мантан аҥаара эйэлээх олох гражданнара, уоннааҕылара байыаннайдар. Оттон биир дойдулаахтарбытыттан, балыыһаҕа сытыаран эрэ 20-чэ саллааты эмтээбиппит. Кыра эчэйиилээхтэргэ киирэр 30 саха саллаата баара.
– Саха саллааттара санаалара хайдаҕый? Сырыыгар саамай умнуллубат түгэн ханныгый?
– Мариупольга, Луганскай, Докучаевскай уобаластарга баар тирэх пууннарга Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ бааллар. Тирэх пууннар барытын быһаарар, билэр буоланнар, эчэйбит саха саллааттарын сахаларга аныы сатыыллар. Холобура, Донецкай уобаластан хас да саха уолун бэйэбитигэр ылан эмтээбиппит.
Саха саллааттарыгар патриоттуу, дойдуларыгар бэриниилээх буолуу тыына баарын тиийиэхпиттэн кэлиэхпэр диэри көрбүтүм. Биир маннык түгэн буолбута. Байыас уолга 10 хонук сытан эмтэнэҕин диэбиппин ылыммакка, бэһис хонугар «үчүгэй буоллум» диэн дьонун кытта бэйэтин чааһыгар айаннаабыта. Ити курдук, бары «кыайабыт» диэн бөҕөх санаалаах чаастарыгар, биир сулууспалаах уолаттарыгар туруналлар, дьайыы хонуутугар аттаналлар.
Саха сирэ биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай көмөнү олох үчүгэйдик оҥорор, бары өттүнэн хааччыйан олорор. Арааһы барытын ыыталлар: эмп арааһа, гиипсэ, антибиотик, биинтэ бөҕө кэлэр. Биирдэ Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ эрийэннэр балыыһаҕа сытар саха уолаттара баалларын туоһуласпыттара уонна туохтара тиийбэтин ыйыппыттара. Уолаттар туохтара тиийбэтин суруйан испииһэккэ түһэрбиттэрэ. Икки дуу, үс дуу хонук буолан баран, саллааттар тугу баҕаралларын барытын аҕалбыттара: тапочка, бронежилет, форма, рюкзак. «Саха быһаҕа кимиэхэ баарый» диэн ыйыппыттарыгар, икки уол «суох» диэбиттэригэр туттаран кэбиспиттэрэ. Маны барытын атын регион саллааттара ымсыырбыттыы түннүгүнэн көрөн туралларын харахпар билигин да көрөбүн.
– Эчэйии, бааһырыы чыҥха атын буоллаҕа…
– Эйэлээх олоххо куруук судургу тостуулары, травмалары көрөр буоллахха, байыаннай дьайыы эчэйиилэрэ: осколочнай буомбаҕа, миинэҕэ эстиилэр, эт-сиин сэймэктэниитэ, хаан-сиин. Холобура, киһи чаастарын хомуйуу түгэнэ эмиэ баар суол. Биирдэ кулун тутар 8 күнүгэр буомбаҕа дэлби тэптэрбит 3 байыаһы аҕалбыттара. Оттон сарсыҥҥы күнүгэр массыынатыгар дэлби тэптэрбит саллааты аҕалбыттара. Биллэн турар, киһи тыыннаах хааларыгар, оһорунарыгар быраас түргэн хамсаныыта, уһуну-киэҥи эргиппэккэ судургутук толкуйдуура элбэҕи быһаарар. Үксүн хаан наада буолааччы. Саамай сүрүнэ, эппитим курдук, быраас хамсаныытыттан тутулуктаах. Инники кирбиигэ сылдьааччы байыаннай-полевой хирургияҕа бастакы көмөнү оҥорор буолан, хирург да, травматолог да, реаниматолог да буолар.
Еленовка диэн дэриэбинэҕэ эчэйии ылбыт байыаһы көрө барбыппытыгар, өстөөх квадрокоптера көтө сылдьарын элбэхтэ ытан охторбуттарын көрбүппүт. Медицинэҕэ үлэлиир киһи барытыгар бэлэм буолар. Бу мин үлэм, тыын салҕааччы буолан бараҥҥын уолуйан, долгуйан аҕыйах сөкүүндэҕэ даҕаны дөйөн турдаххына, киһини сүтэриэхпин сөп. Дьулаан хартыынаны көрөн долгуйар, куттанар бырааппыт суох!
Бу сылдьан биир идэлээхтэрбин кытта алтыһан, араас эпэрээссийэлэри оҥорон, элбэҕи көрөн-истэн уопуппун эбинним. Холобура, дэлби тэптэрии эчэйиилэрин ааҕан эрэ билэр буоллахпына, билигин бастакы көмө оҥорор ньымалары биллим, үөрэттим.
— Өссө барар санаалааххын дуо?
— Байыаннай дьайыыга биһиги бөлөхпүт – бары бастакыбытын сылдьыбыт быраастарбыт. Балаһыанньаны илэ харахпытынан көрөн, эппитинэн-хааммытынан билэн, тустаах сыанабыл оҥоһуннубут. Быыһыыр, эмтиир, көмөлөһөр биһиги эбээһинэспит. Онон өссө ыҥыраллара буоллар барыам этэ.
Харысхан Попов
«Боотурга» толору бэлэмнэниини аастым… Кыайыы кэлиэхтээх!
СВО-ҕа кыттарга быһаарыныыны ылыммыт Нам улууһун 2 Хомустаах нэһилиэгин баһылыга Лев Новгородов санаатын үллэстэр:
«Дьэ санаабын сааһылаан суруйуум. Бүгүн Москваҕа көттүм, онтон массынанан Ростовка айанныыбыт. Билигин киэҥ Россияны кытары бииргэ буоларбыт ирдэнэр, онно түмсүүлээхпитин көрдөрүөхтээхпит.
Иккис болдьохпор куһаҕана суохтук үлэлээн кэллибит, сүрүн үлэбитин оҥоро олоробут диэн сыаналыыбын, кэллэхпинэ ситэриллэр үлэ элбэх, онно эрэллээхпин! Туох да буруйтан куотунар диэн санаамаҥ, барыта санаабыт курдук ыраас.
Мин Саха сирин «Боотур» этэрээтин кытта контракт баттаhан, 6 ыйга бардым. «Боотурга» толору бэлэмнэниини, күүстээх дьарыгы аастым. Ону ааhap уустук, элбэх киhи дьарыгы кыайан тулуйбат, психологическай тест да ааспат түгэннэрэ эмиэ баар. Ол аата биһиэхэ сөптөөх дьарыгы тэрийэн, буойуттары таhымнаахтык бэлэмнээн ыыталлар. Сорох дьон иккилии ый дьарыктаналлар. Биһиги бөлөхпүтүгэр 21-бит.
Тоҕо контракт баттаспыппын таарыйдахха, бастакытынан, тус бэйэм Армияҕа сулууспалаабатаҕым, онон дойдубар Ытык иэспин төлүөхтээхпин диэн санаалаахпын. Иккиһинэн, үлэҕитинэн хаххаланан тойоттор бэйэҕит барбаккыт, ыччаттары ыыталыыгыт диэн саҥа киһини хомоторуттан барарга бигэтик быһаарыммытым. Кырдьык, үлэлии олорор салайааччыларга эмиэ туһунан уустуктардаах кэм. Билигин дьон ортотугар талбытынан саҥара, айдаарса сатыы сылдьааччылар бааллара өй-санаа таһыма намыһаҕын көрдөрөр!
История этэринэн, тыылга үлэлээччилэргэ Аҕа дойду сэриитин кэмигэр ыарахан этэ, дьон өйүн-санаатын туруга, санаалара олус күүстээҕэ. Төһө да аччыктааһыны, эт-хаан туруга мөлтөөһүнүн көрүстэллэр. Оччолорго бары биир санаан салайтаран, Кыайыыны уһансыбыттара.
Наммыт улууhугар салалтаҕа сылдьыбытым быhыытынан СВО-ҕа маҥнайгы баһылык баран эрэрбинэн киэн туттабын! Таҥара илиитигэр киирдэхпит! Этэннэ буолуҥ, Кыайыы кэлиэхтээх!»
Касьян Олесов-Олук