Инникини тымтыктанан көрбүт суох

Өбүгэлэрбит айылҕа күнүн-дьылын, кини хаамыытынан арааран, ааҕан кэллэхтэрэ буолуо. Таҥаралар күннэрин эндэппэккэ билэн, айылҕаҕа сүгүрүйэллэрин кинигэттэн ааҕан, дьоммутуттан билэн кэллэхпит. Ытык кырдьаҕастар да, балай да, кэпсиир, сэрэтэр буолаллара. Орто сүһүөххэ үөрэнэр кэммэр биир, ичээн диир оҕонньордоро, кэргэнинээн олорбуттара, кырдьаҕастар этэ. Оҕолордоохторун туһунан билбэппин. Дьон ытыктыыр кырдьаҕастара этэ. Олус элбэх кэпсээннээх, былыргыны наһаа билэр дэсиһэллэрин истэрим.

Ол кырдьаҕас: «Таҥханан, сэрэбиэйинэн бу эһиги, аныгы дьон, наһаа үлүһүйүмэҥ. Барыта сиэрдээх-туомнаах. Былыр да мээнэ дьон санаатылар да дьарыгырбаттар этэ. Ичээн, отоһут, айылҕаттан айдарыылаахтар кыахтаах ыалы кэрийэ сылдьан манньаҕа сэрэбиэйдииллэр, таҥха кэмигэр бүлүһэ (тэриэлкэ), остуол сүүрдэллэр этэ. Онтулара сороҕор тохтообот, алдьанар үгэстээҕэ үһү. Ол, дьон олоҕор туох да үтүөнү, үчүгэйи аҕалбат диэтэ», – диэн кэпсэтэр буолаллара.

Эмээхситтэр бүлүүһэ сүүрдүбүттэрин истэр этим. Ол быыһыгар ыҥырбыттарын төнүннэрбэккэ ыһыллан хаалбыттарын туһунан эмиэ кэпсииллэрэ. Ол алҕас туох да үчүгэйи аҕалбата биллэр.

Таҥха кэмигэр түүллээх дьон иччилээх түүлү түһүүллэр эбит. Сорох киһи кэтэҕинэн, сорох сирэйинэн түһүүр. Уопсайынан ханнык да түүлү эбиэккэ диэри кэпсэниллибэт. Сыта-тура бэйэҥ тойоннуохтааххын. Хайдахтаах да түүлү ыһа-тоҕо кэпсээбэккэ, үчүгэй өттүнэн иэҕэн тойонноотоххуна куһаҕан буолбат диэччилэр.

Уопсайынан, таҥха кэмигэр таҥаһы таһырдьа ыйаабаттар. Күн киирдэ да таһырдьаттан тугу да дьиэҕэ киллэрбэккин. Бу, дьыл хайа баҕарар кэмигэр толоруллуохтаах. Уопсайынан былыр кыаммат-хотуммат, ыарахан олох кэмигэр сэрэбиэйдэнэн, инникитин үчүгэй олох кэлээрэй диэн күүтэн «тымтыктанан» көрө сатыыллар эбит. Оттон билигин «иннин тымтыктанан көрбүт суох» диэн буолар. Ол иһин сэрэбиэй олох хаамыытын барытын аахтара кэпсээбэт буоллаҕа. Оттон иччилээх түүл умнуллубат, үчүгэйдик, сатаан тойонноотоххо уот харахха, уу сүрэххэ түбэһэр диэн этэллэр. Түүн 12 чаас кэнниттэн дьиэттэн таһырдьа тахсыа суохтааххын. Халлаан хараҥарда да түннүк, хайа баҕар кэмҥэ иһиттэн сабыллыахтаах. Өскөтүн түннүк аһаҕаһыгар атын эттиктэр тоҥсуйар буолаллар эбит. Эн онно түннүгүнэн көрүө суохтааххын. Үчүгэйгэ тоҥсуйбаттар эбит. Ол иһин, хаһан баҕар, түннүк сабыылаах буоларын дьоммут ирдииллэрэ. Олох олороруҥ тухары сиэри-туому тутуһарыҥ, билэ-көрө үөрэнэриҥ, туттарыҥ олохпут ирдэбилэ буоларын өйдүөх тустаахпыт.

 

Т. Никольская