Сайыҥҥы уу ситимэ хаһан арахсыай?

Нам сэлиэнньэтигэр сайыҥҥы уу ситимэ арахсыар диэри ыаллар уунан хааччыныахтара, ууну тиэрдэр бэйэлэрин систиэмэлэрин, кырааннарын көрүнүөхтэрэ.

“Уу ситимин сыл аайы куруук балаҕан ыйын ортотугар, 15 күнүгэр араарабыт. Сорох ардыгар, тоҥоруу эрдэ саҕаланнаҕына, биллэрин курдук, нэһилиэнньэни уунан хааччыйыы түмүктэнэр”, – диир Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников.

Уу ситимин сэлиэнньэҕэ араардылар даҕаны, турбалары уларытыылары, өрөмүөннээһини салгыахтара. Бүгүҥҥү күҥҥэ хоту эҥэр сүрүн линия 860 м уларыйыахтааҕа этиллэр. Онтон өссө Туллукка диэри 1 км 600 м хаалар. Бу барыта силигин ситэн саҥа турбаҕа уларыйдаҕына, уулуссаларынан ыытыллар линиялар турбалара уларыйыахтара. Нам сэлиэнньэтигэр уу ситимин тиэрдэр турбалар Виктор Яковлев МАУ АРТ салайааччытынан ананыаҕыттан, 11 сыл устата үлэлээһинтэн, дьэ, түмүктүүр суолга тахсан эрэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, бу сылга Замятин аатынан уулусса олохтоохторо уу ситимин турбатын саҥардарга баҕа өттүнэн бэйэлэрэ кыттыһаннар матырыйаал атыыласпыттарынан МАУ АРТ салайааччыта Виктор Яковлев этэр.

“Өрөмүөн ыытыллыыта дьон төлөбүрү кэмигэр көхтөөхтүк төлүүрүттэн ыытыллар.

Киһи толкуйдаатаҕына баар кыра кыһалаҕалары бэйэтэ быһаарар. Манныкка олохтоохтор дьаһалтаҕа кэлэннэр сүбэ ылаллар. Ол курдук, төһө суума наадатын ыйдаран, суоттатан баран, кыанар буоллахтарына кыттыһаллар. Холобура, Замятин аатынан уулусса ыаллара уу ситимин тиэрдэр турбаларын саҥардан биэрдилэр”, – диир Виктор Евстафьевич.

Харысхан Попов

Читайте дальше