Улуус бастыҥ чабырҕахсыттара – “Түһүлгэ” фольклор бөлөҕө

Хамаҕаттаҕа “Түһүлгэ” фольклор бөлөҕө тэриллибитэ 15 сыла бэлиэтэммитэ. Фольклор бөлөҕө “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинин иһинэн тэриллибит буолан ааттыын “Түһүлгэ”.

2009 сылтан баар буолбут бөлөх бачча сыллар усталара өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэригэр Нам улууһун элбэхтэ көмүскээтэ, кыайыы-көтөл аргыстанна. “Түһүлгэ” бөлөх Олоҥхо ыһыахтарыгар көтүппэккэ кыттыыны ылар. Ону таһынан, “Өбүгэ быстыбат ситимэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ куруук ситиһиилээхтик кыттар.

Аан бастакы ситиһии – 2013 сыллаахха Мэҥэ Хаҥаласка буолбут Олоҥхо ыһыаҕар чабырҕахха иккис миэстэ, дэгэрэҥҥэ кыайыылаах үрдүк аатын ылбыта.

Саха төрүт үгэстэрэ, ырыата-тойуга салҕанарын Екатерина Заболоцкая уонна Руслан Захаров иитиллээччилэрэ, Хамаҕатта орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ көрдөрөллөр.

Хамаҕаттаҕа сэтинньи 2 күнүгэр үбүлүөйдээҕи кэнсиэр дьон сэҥээриитин ылыан ылла, барыта санаа хоту ааста диэн сыана быһыллар. Кыргыттарга махтаныы тыллара анананнар күүппүт ыра санаалара туолла, ситиһилиннэ диир оруннаах. Кэнсиэри Александр Дьяконов иилээҥ-саҕалаан, үөрдэн-көтүтэн таһымнаахтык ыыппыта.

“Кэнсиэр Василий Сивцев олоҥхотуттан саҕаламмыта. Манна “Түһүлгэ” фольклор бөлөҕө хайдах төрүттэммитин туһунан кэпсэммитэ. Саха француз лицей учуутала Василий Николаевич наһаа үчүгэйдик тиэрдибитэ.

Саамай үөрбүппүт, көрөөччүлэр кэнсиэр хаамыытын, хас биирдии нүөмэр чочуллан тэрээһин кыһамньылаахтык табыллыбыт диэн этиилэрэ киһи сүргэтин көтөхпүтэ, инникигэ кынаттаабыта”, – диир салайааччы Оксана Кудрина.

Кыргыттар маҥнай норуот ырыатын ыллаан саҕалаабыт эбит буоллахтарына, уус-уран салайааччы Татьяна Гаврильева чабырҕах жанрын киллэрбит. “Түһүлгэ” маҥнай тэриллиитигэр эр дьон эмиэ хото кыттыбыттара эбитэ үһү.

“Түһүлгэ” фольклор бөлөҕө саамай табыллыбыт нүөмэрдинэн Любовь Иванова тылларыгар уонна матыыбыгар “Ыһыах” уонна “Уһуктуу” ырыалары ааҕар. Чабырҕахтан П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ айымньыларыгар, Мария Герасимова-Сэҥээрэ “Интэриниэт” чабырҕаҕы табыллыбыттарынан ааҕар.

Үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ эр дьон Илья Заболоцкай дэгэрэҥ ырыаны, Николай Жирков, Сандр Находкин ыллаан киэргэппиттэрэ. Бэлиэтээнэ эттэххэ, ыллаабыт эр дьон бөлөх маҥнай тэриллэригэр кыттаннар бэйэлэрин кылааттарын уурбут сыана дьоно. Ону тэҥэ, дьоро киэһэҕэ ыҥырыылаах ыалдьытынан биир идэлээхтэрэ Партизантан төрүттээх Алгыс Павлов хомуска оонньообута.

“Бөлөх буолан сылдьарбытыгар дириэктэрбит Антонина Харитонова күүс-көмө буолбутун куруук саныыбыт, умнубаппыт. Барытыгар сүбэ-ама буолар, сыанаҕа тахсан туттууга-хаптыыга бэйэтин баайыттан үллэстэр.

Норуот ырыалара куруук ылланар буоланнар, олохтоох мелодист Любовь Иванова тылларыгар уонна матыыбыгар үс ырыаны толорон кэлбиппит. Онтон кэнсиэрбит күн төрдүс “Сайыҥҥы долгураҥ” диэн ырыаны сүрэхтээтибит. Ону тэҥэ, хомуска эмиэ холонон нүөмэр быһыытынан таһаардыбыт.

Хамаҕатта олохтоох дьаһалтата, “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинэ, Нам улууһун култууратын салалтата өйөөннөр үлэлии-хамныы, айа-тута сылдьабыт.

Бары туһунан идэлээх ыал ийэлэрэ дьарыкка кэлэннэр күннээҕи түбүктээх үлэттэн сынньаналлар. Ол курдук, манна кэлэннэр ыллаан-туойан астынан, сэргэхсийэн, тыыннарын толору таһааран дьиэлэригэр чыҥха атын дьон тиийэллэр. Бу фольклор бөлөҕө 15 сыл тухары ситимнээн истиҥ дьүөгэлии, аҕас-балыс курдук буоллубут.

Ыллыыр киһи хаһан да сүөм түспэт, куруук өрө көтөҕүллэ сылдьар буоллаҕа. Киһи-киһи араас – ким эрэ күүстээх дьарыктан тыынын, сылаатын таһаарара буолуо. Оттон кимнээх эрэ дьону кытта алтыһан, күлэн-салан таһаараллар”, – диэн кэпсиир Оксана Михайловна.

“Түһүлгэ” бөлөх кыргыттарын уруйдуур киэһэҕэ өр сылларга күүстэрин уурбуттар улахан наҕараадаҕа тиксибиттэрэ: Екатерина Заболоцкая – СӨ култууратын министерствотыттан бочуоттаах грамота; Лена Кривошапкина – “За вклад в развитие народного художественного творчества РС (Я)” бочуоттаах бэлиэ; Саргылана Колпашникова, Антонина Абрамова, Анна Яковлева – Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын уонна социальнай-култуурнай технология дьиэттэн бочуоттаах грамота; Лена Шелковникова, Илья Заболоцкай –Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын уонна социальнай-култуурнай технология дьиэттэн махтал сурук; Руслан Захаров – “За вклад в развитие Намского улуса” анал бэлиэ; Татьяна Уодай – “За вклад в развитие Намского улуса” бочуоттаах бэлиэ; Оксана Кудрина – “За вклад в развитие Хамагаттинский наслег” бочуоттаах бэлиэ; Сандал Иванов – Хамаҕатта нэһилиэгиттэн бочуоттаах грамота; Нюргуяна Сагыняхова, Мария Тимофеева, Семен Осипов —Хамаҕатта нэһилиэгиттэн махтал сурук.

Харысхан Попов

Читайте дальше