Бүгүн Аппааны бөһүөлэгин И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатыгар Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтээн, оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлар бары сахалыы таҥнаннар, бу күнү үрдүк тэрээһиннээхтик көрүстүлэр.
Маны тэҥэ, И.Е. Винокуров аатынан сквергэ СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн үөрүүлээх быһыыга–майгыга бэлиэтээтилэр.
Өрөспүүбүлүкэбит оччотооҕу Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Ефимович Николаев өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай суверенитетын ылыы наадатын туһунан этии киллэрэн, 1990 сыллаахха бу күн Судаарыстыба суверенитетын туһунан декларация ылыллыбыта. Бу күнтэн ыла Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһа бигэргэммитэ.
Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ киэн туттар уонна холобур оҥостор биир дойдулаахпыт, уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна политическай деятель Илья Егорович Винокуровынан киэн туттабыт, ытыктыыбыт, сүгүрүйэбит!
Бу суолталаах күҥҥэ “Нам улууһа” муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта Филипп Николаев, “Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэ” МТ баһылыга Иван Ноговицын эҕэрдэ тылларын эттилэр, ыалдьыттар, тэрилтэ салайааччылара, общественность И.Е. Винокуров пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Надежда Сивцева