Нэһилиэк олохтоохторун доруобуйалара кыһыл оҕотуттан ытык кырдьаҕаһыгар тиийэ үрүҥ халааттаах аанньалларбыт сылаас илиилэрин, амарах дууһаларын иһинэн ааһар. Хамаҕатта дьонун доруобуйаларын туһугар ис дууһатыттан кыһаллан үлэлээбиттэр ортолоругар дириҥ ытыктабылынан, улахан махталынан Эльви Давыдовна Ушницкаяны ахталлар. Ушницкайдар дьиэ кэргэн Хамаҕаттаҕа кэлэн олохсуйбуттара оруобуна үйэ аҥара буолла. Кинилэр биирдэрэ биэлсэр, биирдэрэ учуутал буолан олус сэмэйдик олорбуттара эрээри, нэһилиэк олоҕор оҥорбут үтүөлэрин бар дьон билэллэр, сыаналыыллар. Улууспутугар доруобуйа харыстабылын сулууспата 125 сылыгар дьүөрэлээн Хамаҕатта олохтоохторун үтүө өйдөбүллэрин уонна махталларын тиэрдэбин.
Любовь Евтропьевна Охлопкова:
— Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үлэлиэхпиттэн үгүс үлэлэригэр бэриниилээх коллегалары кытта үлэлээн кэллим. Олортон биирдэстэрэ Ушницкая Эльви Давыдовна буолар. Эльви Давыдовнаны кытта уонтан тахса сыл Хамаҕаттаҕа ФАП, кэнники врачебнай амбулатория филиалыгар бииргэ үлэлээбиппит. Ыарыһахтары көрүү, профилактическай прививкалары, процедуралары оҥоруу, вызовтарга сылдьыы, ону таһынан фермалары, сайынын от звеноларын кэрийэн үлэһиттэр доруобуйаларын көрүү, араас бэсиэдэлэри, лекциялары ааҕыы эмиэ буолара. Окко, күһүн хотон сыбаҕар, саас талах быһыытыгар субуотунньуктарга сылдьарбыт. Нэһилиэк иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттарбыт. Манна Эльви Давыдовна салайааччы быһыытынан сүрүннүүрэ. Кини киэҥ билиилээх, дэгиттэр дьоҕурдаах. Ол курдук, Орто Халымаҕа акушерканан олорон элбэх оҕоҕо күн сирин көрдөрбүтүн, үтүө суобастаахтык үлэлээбитин туһунан ол кэмнэргэ бииргэ үлэлээбит коллегата кэлэ сылдьан ахтыбыта.
Тыа сиригэр үлэлээбит фельдшердэр бары өттүнэн профессионал буолаллар, араас ыарахан да түгэннэргэ уолуйан турбакка көмөнү оҥороллор. Оннук киһинэн Эльви Давыдовна буолара. Коллективпытын түмэн, сүрдээх эйэ дэмнээхтик, иллээх дьиэ кэргэн курдук өйдөһөн нэһилиэкпит олохтоохторун туһугар бары сатабылбытын, кыахпытын уурарбыт. Үтүө сүбэһиппиттэн, кыһамньылаах эмчиттэн элбэххэ үөрэммитим. Бииргэ төрөөбүт балтым Елена Васильева бииргэ үлэлээбит сылларын эмиэ истиҥник саныыр, холобур оҥостор коллегатын быһыытынан сыаналыыр.
Эльви Давыдовна дьиэтигэр үөрэ-көтө көрсөр хаһаайка, асчыт бэрдэ. Кэргэнэ Василий Васильевич куруук өйүүрэ, көмөлөһөрө, дьиэ үлэтин барытын бэйэтигэр ылынара. “Ыарахан үлэлээх дьоҥҥут, түүн утуйа сытан, ойон туран бараҕыт-кэлэҕит”, — диэн күлэрэ.
Полина Федоровна Оконешникова:
— Мин Эльви Давыдовна Хамаҕатта медпуунугар сэбиэдиссэйдиир эрдэҕинэ 1982-1988 сылларга санитарканан үлэлээбитим. Биэлсэр буолан балыыһатыгар сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри сылдьара. Ол саҕана медпуун икки квартиралаах дьиэҕэ баара. Биир өттүгэр приемнуур этилэр, аҥарыгар ыарыһахтар сытан эрэ эмтэнэллэригэр 10 куойка-миэстэлээх этэ. Балыыһа оһоҕо маһынан оттуллара, ол мин эбээһинэспэр киирэрэ. Ону таһынан таҥас сууйуута, дьиэ сууйуута. Эльвира Давыдовна ыарыһахтары олус болҕомтолоохтук сыһыаннаһан көрөрө, эмтиирэ. Сытар өттүгэр ордук кыра оҕолоох ийэлэр киирэллэрэ. Вызовка күннэри-түүннэри сылдьара. Киһи да, эмчит да быһыытынан олус сымнаҕас, аһыныгас майгылаах, биирдэ сэмэлэммиппин өйдөөбөппүн.
Глория Аполлинариевна Кривошапкина:
— Хамаҕаттаҕа түөрт оҕолоох Эльви Давыдовна уонна Василий Васильевич Ушницкайдары кытта биир дьиэҕэ 10 сыл бииргэ олорбуппут. Ыал ийэтин Эльви Давыдовнаны биһиги Эльвира диэн ааттыырбыт. Кини Хамаҕатта фельдшерскэй-акушерскай пуунугар сэбиэдиссэйинэн, фельдшеринэн үлэлээбитэ, 1973 сылтан 1996 сылга пенсияҕа тахсыар диэри доруобуйа харыстабылыгар, дьону эмтииргэ олоҕун анаабыта.
Дириҥ билиилээх, уопуттаах эмчити дэриэбинэ киһитэ барыта ытыктыыр уонна махтанар. Кини үлэтэ хаһан да бүппэт. Кыһыннары-сайыннары, күнүстэри-түүннэри биһиги Хамаҕаттабыт усталаах-туоратын туос сатыы сылдьан ыҥырыыларга ыарыһахха суһал көмөнү оҥорор, үлэ бөҕөнү көрсөр. Ону таһынан саҥа төрөөбүт оҕолору нэдиэлэ аайы көрөр-истэр.
Биһиги оҕолорбут кыра эрдэхтэринэ ыаллыы буолан киирэр-тахсар, оҕолору көрөр, ону-маны ылсабыт-бэрсэбит. Хойут оҕолорум медкарталарын көрөн баран соһуйбутум, Эльвира мээнэ күүлэйдии эрэ киирэ сылдьыбат эбит, ол быыһыгар үлэтин толоро сылдьар эбит диэн. Нэдиэлэ аайы бу оҕолор хайдах туруктаахтарын, ыраастарын, астарын барытын көрөн суруйар эбит этэ. Эльви Давыдовна үлэтэ барыта чуолкай, кимиэхэ хаһан, ханнык прививканы оҥорбута, оҥоруохтааҕын барытын бэлиэтэнэ сылдьара.
Онон биһиги ыччаттарбыт кини көрүүтүнэн-истиитинэн олох киэҥ аартыгар доруобайдык, бигэтик сылдьаллар. Ол прививканы ылбыта дуу, суоҕа дуу дии санаабаппыт даҕаны. Кини үлэтигэр эппиэттинэстээҕэр эрэнэбит.
Эльви Давыдовна дьоҥҥо-сэргэҕэ болҕомтолоох, үчүгэй сыһыанынан бар дьон дириҥ ытыктабылын, махталын ылар. Кини кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас, оҕону кытта оҕо, омугунан нуучча эрээри, бэрт үчүгэйдик сахалыы саҥарар, саха ыалын сиэринэн дьаһанан олорор. Эльви Давыдовна эдэр үлэһиттэргэ үтүө холобур, сүбэһит, үлэтин баай уопутуттан сүбэлиир наставник, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр ис сүрэҕиттэн бэриниилээхтик үлэлээбитэ биһиэхэ барыбытыгар холобур буолар.
Эльви Давидовна Ленинград блокадатын кыттыылааҕа. Кини Орто Халымаҕа үлэлии сырыттаҕына, манна эмиэ ананан кэлбит Уус Алдантан төрүттээх, үрдүк үөрэхтээх нуучча тылын учуутала Василий Васильевич Ушницкай үлэлии сылдьан кэргэн ылбыта. 15 сыл Орто Халымаҕа үлэлээн баран 1973 с. Нам Хамаҕаттатыгар көһөн кэлбиттэрэ. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр холобур буолар ыаллар, кинилэргэ эр киһи дьахтар үлэтэ диэн суоҕа. Василий Васильевич ханнык баҕарар аһы астыыра, оннооҕор таһырдьа оһох оҥостон, тиэстэ охсон килиэп буһарара. Айылҕаҕа сылдьарын олус сөбүлүүрэ, бултуурун, балыктыырын туохтан да ордороро. Бултаан, балыктаан кэллэҕинэ ыалларын кытта куруук үллэстэрэ. Хаартыскаҕа түһэрэрэ, оскуола, нэһилиэк тэрээһиннэрин түһэрэн дьоҥҥо өйдөбүнньүк хаалларбытыгар барҕа махтал.
Биһиги Василий Васильевичпыт норуокка Сэки диэн аатынан суруйааччы быһыытынан биллэр. Кини ханнык баҕарар актуальнай тиэмэҕэ араас хоһооннору, үгэлэри, сыаҥкалары тутатына да айара.
Норуокка улугуруу кэминэн биллэр бириэмэҕэ Хамаҕатта олоҕун-дьаһаҕын туһунан частушка суруйбутун биһиги, “Күбэй” түмсүүлэр, кэнсиэртэргэ, фестивалларга толорорбут. Кини үгэлэринэн детсад, оскуола оҕолоро араас куонкурустарга кытталлар. Өссө биир үрдүк ситиһиитинэн Нам улууһун Өрөгөйүн ырыатын суруйбута буолар. Билигин улуус араас үөрүүлээх түгэннэригэр кини Өрөгөйүн ырыата иһиллэ турар.
Үтүө-мааны ыалларбытыгар, Ушницкайдарга, Хамаҕатта дьоно-сэргэтэ махтана туруохтара.
Люция Дмитриевна Ушницкая:
— Киһиэхэ бу олоххо дьиэ кэргэнэ саамай күндүтэ, бигэ тирэҕэ. Эльви Давыдовна ийэ, эбээ, хос эбээ быһыытынан дьиэ кэргэҥҥэ, аймахха үтүө сыһыаннаах, баар кыһалҕаларга долгуйар уонна көмөлөһөр. Куруутун үөрэ-көтө сылдьар, кэргэнэ Василий Васильевич дьээбэлээх буолан, Эльви Давыдовна эмиэ көрдөөх тылларынан саҥаран күллэрээччи. Кийиит буолуохпуттан кинилэр бэйэ-бэйэлэрин кытта кыыһырсыбыттарын хаһан да көрбөтөҕүм. Василий Васильевичтыын 59 сыл иллээхтик, дьоллоохтук олорбуттара.
Билигин Эльви Давыдовна сиэннэригэр, хос сиэннэригэр кылаабынай сүбэһит, тирэх, күүс-көмө буолар. Барыбытын минньигэс аһынан күндүлүүр, иһирэх сыһыанынан араҥаччылыыр. Кини олох эн санаабыт санааҕын, былааннаммыккын эрдэттэн билэр, оннук муударай ийэ, эбээ, хос эбээ. Күндү киһибитигэр чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни баҕарабыт.
Ити курдук, Хамаҕатта нэһилиэгин уонна Нам улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ Эльви Давыдовна Ушницкаяны улууска доруобуйа харыстабылын сулууспата 125 сылынан эҕэрдэлииллэр, эрэнэр сиэн уола Евгений Ушницкай нэһилиэк туһугар үлэтэ тахсыылаах буоларыгар баҕараллар.
Мария Винокурова