“Алгыс” үһүс көлүөнэ оскуолата Ингушетияттан ситиһиилээх кэллэ

Ингушетия республикатыгар Аан дойдутааҕы “Золотой орел” фестиваль-куонкуруска П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтин иһинэн тэриллэн үлэлиир “Алгыс” диэн үһүс көлүөнэ оскуолатын вокальнай ансаамбыла үрдүк наҕараада ылбытын дириэктэр Вера Колпашникова иһитиннэрэр.

“Намнааҕы Олоҥхо дьиэтэ Петр Сокольников баһылыктаах Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтаҕа киирэрбит быһыытынан, баһылык үлэһиттэригэр төһө кыаҕы биэрэриттэн биһиги үлэбит тутулуктанар, сүрүннэнэр”, – диир Вера Васильевна.

Ол курдук, алтынньы 2 күнүгэр Назрань куоракка үһүс төгүлүн ыытыллыбыт куонкуруска намнар вокал салаатыгар 3 истиэпэннээх лауреат буолары ситиспиттэр. Маны сэргэ, Варвара Лазарева, Нина Корнилова, Нина Хордогосова, Октябрина Евсеева, Ольга Сивцева, Екатерина Васильева норуот үтүө үгэһэ (народные промыслы) анал аакка 1 истиэпэннээх лауреат буоланнар кубоктарынан наҕараадаламмыттарын ансаамбыл салайааччыта Ирина Неустроева этэр. Бэлиэтээн эттэххэ, фестиваль-куонкуруска Гран-при диэн аат суох эбит.

“Ингушетияҕа буолбут тэрээһиҥҥэ уопсайа 3 тыһыынчаттан тахса кыттааччы күн устата 130-ча нүөмэри көрдөрдө. 10 чилиэннээх дьүүллүүр сүбэ сөптөөх сыанабыл туруоран көрдө-иһиттэ. Үөрүүбүт муҥура суох.
Эбэн эттэххэ, биһигини таһынан Саха сириттэн Дьокуускай куорат оҕолоро 3 истиэпэннээх дипломант буолбуттара”, – диир култуура туйгуна, Олоҥхо дьиэтин хормейстера Ирина Неустроева.

Кыайыылаахтары үрдүк наҕараадаларынан эҕэрдэлиибит! Нам улууһун дьоно-сэргэтэ бары салааҕа дойдуларыгар ситиһиини аҕала турдуннар!

Читайте дальше