Көбөкөн халааҥҥа бэлэмнэнэр

Көбөкөн нэһилиэгэ сааскы халаан уута этэҥҥэ ааһарыгар бэлэмнэнэр.

Ол курдук, муус устар 29 күнүгэр, Көбөкөн нэһилиэгин «Эр хоһуун» аҕалар, эр дьон түмсүүлэрэ, нэһилиэк тула бүтэйин өрөмүөннээтилэр.

 

***

Көбөкөн нэһилиэгэ хаайтарыыга бэлэм

Урбаанньыт Ия Колесова, Нам улууһун өрүс нөҥүө сытар үс нэһилиэгин — Көбөкөн, Арбын, Фрунзе олохтоохторун минньигэс да минньигэс килиэбинэн хааччыйар.

Ия Колесова:

— Суол сабыллыан иннинэ бурдукпутун барытын тиэйэн, суол арылларыгар тиийэр бурдугу хаһааммыт ым. Бу күннэргэ Фрунзе уонна Көбөкөн олохтоохторугар хлеб оҥоро сылдьабын, үлэ күөстүү оргуйар. Хаайтарыыны этэҥҥэ туоруурга бэлэммит!

Нэһилиэк үлэнэн эрэ олорбот. Культурнай-маассабай тэрээһиннэргэ эмиэ көхтөөх.

‎ «Тараҕана» (сал. Егорова А.И.) уонна «Сэгэлдьийэ» (сал.Васильева М.П.) үҥкүү бөлөхтөөхтөр.

Көбөкөннөрүн дьонун-сэргэтин эрчимнээх да, кэрэ-нарын да хамсаныылаах абылаҥнаах үҥкүүлэринэн сэргэхситэллэр, кэрэхситэллэр. Өссө да саҥа сүүрээннэри, иэйиини, элбэх сонун үҥкүүлэри баҕарабыт диэн Үҥкүү күнүгэр эҕэрдэлээтилэр.

Саас кэлбитин, айылҕа уһуктуутун уонна үлэһит дьон сомоҕолоһууларын уруйдаан, ыам ыйын 1 күнүгэр парадтаатылар.

Үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлээхтэри эҕэрдэлээтилэр, ырыа-тойук, үҥкүү кэрэ эйгэтигэр уйдардылар.

Ону тэҥэ, Бэдьээлэ аатынан сынньалаҥ киинигэр, көлүөнэннэн үҥкүү күрэҕин көрдүлэр.

Кылаан кыайыылааҕынан «Тараҕана» үҥкүү бөлөҕө (сал.Егорова А.И.) ааттанна.

 

Көбөкөн нэһилиэгэ

 

 

Читайте дальше