Нам улууһугар «Якутмебель» промкомбинат үлэтин кэрэһэлиир кинигэ сүрэхтэннэ

Бүгүн Намнааҕы Н.М. Рыкунов аатынан кииннэммит библиотечнай ситимҥэ Үлэ сылын чэрчитинэн бэчээттэммит «Якутмебель» промкомбинат кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.

Намнааҕы «Якутмебель» промкомбинат баай историялаах тэрилтэ быһыытынан биллэрэ. Үгүс ыччат үүнэн-сайдан тахсыбыт тэрилтэтэ, ааттаах-суоллаах дьон, сэрии бэтэрээннэрэ сыраларын ууран үлэлээбиттэрэ.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччыта Филипп Николаев, «Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыгын солбуйааччыта Тимофей Охлопков кыттыыны ылан эҕэрдэлэрин тириэртилэр. Үөрүүлээх, биир бэлиэ түгэн тэрээһинигэр история кэрэһитэ буолбут кинигэ геройдара кэлэннэр үлэлээн-хамсаан, эдэр саастара ааспыт тэрилтэлэрин туһунан истиҥник ахтан-санаан аастылар. Кинигэ тахсыытыгар үлэлэспит дьоҥҥо махталларын эттилэр.

СӨ сэрии, үлэ, сэбилэниилээх күүстэр уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнар бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, отставкаҕа олорор СӨ Үрдүкү суутун судьуйата, СӨ үтүөлээх юриһа, юриспруденция уобалаһыгар М.М. Федоров аатынан СӨ судаарыстыбыннай бириэмийэтин лауреата, СӨ үрдүк анал үөрэхтээһинин туйгуна Вильям Иванов үлэлээбит сылларын аҕынна.

1980-83 сс. «Якутмебель» Намнааҕы сыаҕын начальнигынан үлэлээбит үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото, «Саха АССР 100 сыллаах», «Ленскэй нэһилиэк» МТ сайдыытыгар кылаатын иһин», «Саха сиригэр баһаарынай харабыл 195 сыла» бэлиэлэрдээх Эдуард Мордосов үлэлээбит кэмнэрин ахтан-санаан ааста.

ССРС культуратын туйгуна, СӨ профтех үөрэхтээһиҥҥэ туйгуна, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «За заслуги перед Отечеством» уордьан 2-с истиэпэннээх кавалера, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына Мария Габышева тэрилтэ нэһилиэк, улуус културнай-сырдатар үлэтигэр, тэрээһинигэр көхтөөхтүк кыттарын туһунан бэлиэтээн эттэ.

Үлэ бэтэрээнэ, «Нам улууһа» МТ сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына Мария Колмогорова олоҕун биир кэрэ бэлиэ эдэр сааһыгар Намнааҕы промкомбинакка үлэлээбит сылларын, бииргэ үлэлээбит коллегаларын, 1976 с. суоппарынан үлэҕэ киирбит Петр Сергучев үлэлээбит кэмнэрин туһунан аҕыннылар.

Үлэ сылынан улууспутугар биир бас-көс тэрилтэ хайдах үлэлээн кэлбитин туһунан, туруу үлэһиттэр, бэтэрээннэр ахтыыларын кинигэтин үлэ бэтэрээнэ, 1974-1990 сс. миэбэл сыаҕар мас ууһунан үлэлээбит Дария Новгородова сүүрэн-көтөн, таҥан «Компания «Дани-Алмас» ХЭТ типографиятыгар 150 экземплярынан бэчээттэтэн таһааттарда. Кинигэ олус баай ис хоһоонноох, элбэх хаартыскалаах, аныгы үйэни кытары тэҥҥэ хардыылаан кюар-кодтаах. Чахчыга олоҕурар сыалтан архыып докумуоннарын бэлэмнииргэ «Нам улууһа» МТ архыыбын сэбиэдиссэйэ Мария Охлопкова күүс-көмө буолбут. Кинигэ бэччээттэнэн тахсыытыгар «Эҥсиэли» хаһыат кылаабынай редактора Лена Ноговицына редактордаан, Валентина Лукавина корректордаан, Степан Суздалов дизайнын уонна версткатын бэлэмнээн үлэлэстилэр.

Үлэлээн ааспыт тэрилтэ үлэтин сырдатар кинигэни эдэр көлүөнэ илиитигэр тутан олорон элбэҕи билэр-көрөр.

Семен Аргунов

Читайте дальше