Нам улууһуттан көстүбүт илиинэн суруллубут сурунаал 100 сыл буолан баран кинигэ буолан бэчээттэннэ

Бүгүн П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография музейа, директор Александр Копырин,  “Да минует тьма, да здравствует просвещение…” диэн 1917-1920 сс. илиинэн суруллан тахса сылдьыбыт “Сырдык” сурунаал матырыйаалларынан хрестоматия күн сирин көрбүтүн сүрэхтээтэ.

Эдэр интеллигенция 1917 сыллааҕы суруктара оччотооҕу кэминээҕи көрүүлэрэ, инники сайдыыны торумнаабыттара сөхтөрөр. Бу көстүбүт суруктар история саҥа кэрчиктэрин арыйбыттара хрестоматияҕа сырдатыллыбыттар.

Намтан көстүбүт «Сырдык» сурунаал туспа кинигэ буолан бэчээттэнэригэр суруналыыс, суруйааччы, ХИФУ суруналыыстыка кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоров, ХИФУ сурукка-бичиккэ музейын  директора Афанасий Мигалкин көмөлөспүттэр. Оттон сурунаалга иккис тыыны биэрбит киһинэн Намнааҕы 2-с нүөмэрдээх оскуола учуутала Людмила Молчанова буолар. Кини өссө оҕо сылдьан эһэтин малларыттан булбут илиинэн суруллубут сурунаалын кылаакка тэҥнээн харыстаан, көрөн-харайан илдьэ сылдьыбыт. Кэлин үөрэхтэнэн, үлэһит буолан баран, чинчийэргэ санаммыт. Эмиэ учуутал идэлээх, биир санаалаах Н.А. Николаеваны кытта сурунаал кинигэ буолан тахсарыгар үгүс сыраларын уурбуттар.

Олег Сидоров:

— Журналистика, литература, өй-санаа историятыгар, саха омукка хомуурунньук уонна сурунаал улахан оруоллаахтар. Бу сурунаалы эдэр дьон таһаарбыттар уонна саамай интэриэһинэйэ сурунаалы эдэр киһи булан, харыстаан, аан бастаан үөрэппит киһинэн Людмила Иннокентьевна Молчанова буолар. Кэлин биһиги кыттыһан, драматург В.Е. Васильев-Харысхал, кыраайы үөрэтээччилэр И.З. Кривошапкин, Т.П. Никонов курдук дьон үлэлэһэн саҕалаабыттара да, хомойуох иһин, кинигэ күн сирин көрөрүгэр тиийбэтилэр. Ол гынан баран, кинилэр суруйан хаалларбыт ыстатыйалара түмүллэн киирдилэр. Бу кинигэ тахсыытыгар элбэх киһи кыттыста, үлэлээтэ. Бастатан туран махтаныам этэ Нам улууһун баһылыгар Юрий Слепцовка, музей директора Александр Копыриҥҥа, библиотека директора Майя Софроноваҕа. Биһиги сыалбытынан-сорукпутунан: бачча улахан суолталаах үлэ дьоҥҥо, үөрэх уонна наука эйгэлэригэр тиийиэхтээх диэн этэ. Ол санаабыт олоххо киирэн, кинигэ буолан тахсыбыта үөрүүлээх. Бүгүн 20 экземпляры аҕаллыбыт. Тохсунньуга кинигэ олоччу бэчээттэннэҕинэ Намҥа тиксэриэхпит. Дьокуускайга эмиэ сүрэхтэнии буолуоҕа.

ХИФУ сурукка-бичиккэ музейын  директора Афанасий Мигалкин: “Саҥа кинигэ сурунаал быһыытынан буолбакка, өй-санаа өттүнэн дьоҥҥо тиийиэҕэ. Бу өй-санаа туһалаатын – бу баай! – диэн олус түгэхтээх, толкуйдатар этиини оҥордо.

Кинигэ тахсыытыгар кырата суох оруоллаах ХИФУ журналистика кафедратын доцена  В.Б. Надькин, “Илин” сурунаал уус-уран редактора  Л.А. Сидорова, урбаанньыт, кинигэни бэчээттээччи Э.Т. Пономарев кэлэн кыттыыны ыллылар.

Сүрэхтэниигэ улуус баһылыгын солбуйааччы Филипп Николаев, культура управлениетын начальнига Семен Ядрихинскай, Нам 2-с нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ, историяны, кыраайы үөрэтиини сэргээччилэр уо.д.а. кыттыыны ыллылар.  

Онон хараҥа халбарыйдын, сырдык өрөгөйдөөтүн!

Лена Ноговицына

Читайте дальше