Оҕо саас ырыата дьиэрэйдэ

Сэтинньи 7 күнүгэр  Нам с. М.К. Аммсосов аатынан култуура Дыбарыаһыгар СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Бастыҥ дириэктэр-2000”, “Учууталлар учууталлара”, Нам улууһун, Ленскэй нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, “Нам улууһугар үөрэҕирии сайдыытыгар кылаатын иһин”,  “Ленскэй нэһилиэк сайдыытыгар кылаатын иһин”, “СӨ норуот уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин”, “Спорт бэтэрээнэ” бэлиэлэр хаһаайына, мелодист   Валерий Ефремович Егоров 75 сааһыгар анаммыт “Ырыа кустуга” оҕолорго улуустааҕы ырыа куонкуруһа буолан ааста.

Валерий Егоров – СӨ мелодистарын союһун чилиэнэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан оҕолорго аналлаах ырыа суруйааччытынан биллэр.  Мелодист кыра саастаах оҕолорго “Оҕолор – быыкаа күннэр” бастакы хомуурунньуга 1995 с. күн сирин көрбүтэ. Онтон ыла оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо аналлаах элбэх ырыа хомуурунньугун айда-тутта. Кини кэнники сылларга 14 альбому уонна ырыа 22 аудиоальбомун таһаарда.

Быйыл 2024 с. араас сылларга айбыт 108 ырыатын түмэн QR-кодтаах “Оҕо саас ырыалара” ырыанньыгы таһаарда. Бу кодунан ырыалары оҕолор толорууларыгар истиэххэ сөп. Онон уратылаах буолла уонна инникитин бу ырыанньык оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга ырыаны үөрэтэргэ, тарҕатарга туһалааҕа саарбахтаммат.

Урукку сылларга кини көҕүлээн Намҥа оҕо талаанын толору көрдөрөр, сценическэй култуура сайдарыгар үрдүк таһымы, кыаҕа биэрэр үс бөлөҕүнэн ыытыллар ырыа түһүлгэтин тэрийбитэ. Ол кэмтэн Эҥсиэли хочотун талааннаах оҕолоро ырыа кэрэ эйгэтигэр ылларан, үүнэн-сайдан, күөрэгэйдии дьырылаан, киэҥ дуолга көччүйэ көппүттэрэ. Кэлин кэҥэтэн төрөөбүт Бүлүүтүгэр, атын да улуустарга оҕолорго анаан “Ыҥырыы кустуга” ырыа куонкурустарын тэрийэн ыытар буолбута.

Онтон утум тардар бу “Ырыа кустуга” куонкуруска Нам улууһун 22 оҕо уһуйаанын 45 иитиллээччитэ, 6 оскуолаттан 20 үөрэнээччи ааптар дьоллоох оҕо саас кэрэ кэмин арыйар иэйиилээх ырыаларын толорууга талааннарын көрдөрдүлэр, ким бастыҥын быһаарыстылар.

Ырыа түһүлгэтин үөрүүлээх чааһыгар юбиляры Валерий Ефремович Егоровы чиэстээһин ыытылынна. Истиҥ эҕэрдэлэрин, үтүө-мааны тылларын тиэртилэр: Егор Протопопов, улуус баһылыгын солбуйааччы,  Алексей Винокуров, улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Семен Ядрихинскай, улуустааҕы култуура управлениетын салайааччыта, Светлана Поротова, улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччыта,  Андрей Замятин, улуустааҕы ырыа айааччылар “Туллук хаара”  түмсүүтүн салайааччыта,  Марта-Мария Мохначевская, улуустааҕы «Отуу уота” литературнай түмсүү чилиэнэ, Надежда Слепцова, И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан аатынан Нам алын сүһүөх оскуолатын дириэктэрэ. Кинилэр эҕэрдэ аадырыстары, сибэкки дьөрбөтүн, сэмэй бэлэхтэри туттардылар. Улуус баһылыгын солбуйааччы Егор Андреевич “Нам улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин”, улуустааҕы култуура управлениетын салайааччыта Семен Прокопьевич  “СӨ уус-уран самодеятельноһын бэтэрээнэ” бэлиэлэринэн наҕараадалаатылар.

Улуустааҕы “Ырыа кустуга” куонкурус дьүүллүүр сүбэтигэр үлэлээтилэр уонна түмүгү таһаардылар: Кутукова Елена, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Ньургуһун” НТХК салайааччыта, Замятин Андрей, СӨ култууратын туйгуна, Нам улууһун ырыа айааччыларын “Туллук хаара” түмсүүтүн салайааччыта, Татаринов Афанасий, СӨ култууратын туйгуна, эр дьон “Добун” ансаамбылын салайааччыта, Татаринова Надежда, З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын уһуйааччыта, Захарова Сардана, З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын Хамаҕаттатааҕы салаатын уһуйааччыта.

Оҕо уһуйааннарын ортотугар кыра бөлөххө түмүк: Гран-При–Шапошникова Алияна, “Үчүгэй оҕо” ырыа, “Солнышко” д/с, Нам с., 1 ст.лауреат–Сидорова Милана, “Барыбыт ийэлээхпит”, “Кэскил” д/с, Нам с., 2 ст.лауреат-Посельскай Айхаан, “Уулуссаҕа”, “Чуораанчык” д/с, Үөдэй, 3 ст.лауреат-Васильев Айсиэн, “Детсадпын таптыыбын”, “Көлүкэчээн” д/с, Нам с., 1 ст.дипломант-Шергина Сайаана, “Топ-топ хаамабыт”, “Кэнчээри” д/с, Модут, 2 ст.дипломант-Иннокентьева Алиса, “Топ-топ хаамабыт”, “Чэчир” д/с, Нам с., 3 ст.дипломант-Михайлова Уйгууна, “Үтүлүкчээн”, “Тускул” д/с, Хамаҕатта, Семенова Саилина, “Топ-топ хаамабыт”, “Солнышко” (“Мичил”) д/с, Нам с.

Орто бөлөххө: Гран-При-Попова Тускулаана, “Дьиэбэр”, “Сулусчаан” д/с, Нам с., 1 ст.лауреат-Бурнашева Ализана, “Үтүлүкчээн”, “Кэнчээри” д/с, Нам с., 2 ст.лауреат-Кельциева Регина,  “Ол оҕо үчүгэй”, “Чуораанчык” д/с, Үөдэй, 3 ст.лауреат-Новиков Ньургун, “Барабаанньыт”, “Солнышко” д/с, Нам с., 1 ст.дипломант-Денисова Сайнаара, “Үтүлүкчээн”, “Кэскил” д/с, Нам с., 2 ст.дипломант-Габышев Альберт, “Дьиэбэр бардым”, “Сандаара” д/с, Аппааны, 3 ст.дипломант-Иванов Тимур, “Топ-топ хаамабыт”, “Мичээр” д/с, Искра.

Улахан бөлөххө: Гран-При-Асоева Амина, “Аһын, таптаа кэрэни”, “Кустук” д/с, Партизан, 1 ст.лауреат-Колосова Лиана, “Зарядкалыыллар”,  “Сулусчаан” д/с, Нам с., 2 ст.лауреат-Петрова Ангелия, “Суунабын”, “Чуораанчык” д/с, Үөдэй, 3 ст.лауреат-Стручкова Аделина, “Дьоһун дьоннор уолаттар”, “Солнышко” (“Мичил”) д/с, Нам с., 1 ст.дипломант-Петрова Валерия, “Таһырдьа тахсыаҕыҥ”, “Мичийээнэ” д/с, 1 Хомустаах, 2 ст.дипломант-Куличкина Милана, “Ол аата үчүгэй”, “Көлүкэчээн” д/с, Нам с., Михайлов Эрсан, “Оонньуур көлөлөр”, “Сардаана” д/с, Бөтүҥ, 3 ст.дипломант-Бугаева Айааана, “Чаһыыбын”, “Чэчир” д/с, Нам с.

Бэлэмнэнии бөлөххө: Гран-При-Данилов Алгыс, “Һат-һат”, “Мичийээнэ” д/с, 1 Хомустаах, 1 ст.лауреат-Кобяков Айтал, “Ийэкэм”, “Түһүлгэ” НАК, Хамаҕатта, 2 ст.лауреат-Николаева Айсана, “Оҕолору харыстааҥ”, “Солнышко” д/с, Нам с., 3 ст.лауреат-Максимова Марина,  “Мин Намы таптыыбын”, “Хатыҥчаана” д/с, Аппааны, 1 ст.дипломант-Степанова Кэрэли, “Детсадпытын ахтыахпыт”, “Туллукчаан” д/с, Нам с., 2 ст.дипломант-Эверстова Аэлита, “Иккиэннэрин таптыыбын”, “Сардаана” д/с, Бөтүҥ, 3 ст.дипломант-Гермогенова Виктория, “Күндүлэтэн эн үөрүүй”, “Кэнчээри” д/с, Таастаах.

Алын сүһүөх үөрэнээччилэргэ: Гран-При-Новгородов Сандал, “Сэрии аны буолума”, ХСФЛ, 1 ст.лауреат-Соловьева Саина, “Күн, күн, көмүс күн”, Хамаҕатта ОО, 2 ст.лауреат-Колесов Арчын, “Оскуолабар”, НУГ, 3 ст.лауреат-Староватов Вася, “Эҥсиэли оҕолоро ыллыыллар”, Нам 1 №-дээх ОО, 1 ст.дипломант-Семенова Соня, “Маҥнайгы хаар”, Хамаҕатта ОО, 2 ст.дипломант-Аммосова Амалия, Нам алын сүһүөх оскуолата, 3 ст.дипломант-Данилова Сайыына, “Сибэккиттэн күн тахсар”, 1 Хомустаах ОО.

Орто сүһүөх үөрэнээччилэргэ: Гран-При-Ларионов Никита, “Эҥсиэли оҕолоро ыллыыллар”, Хамаҕатта ОО, 1 ст.лауреат-Рязанская Амелия, ХСФЛ, 2 ст.лауреат-Староватова Валерия, “Оҕо саас”, Нам 1 №-дээх ОО, 3 ст.лауреат-Долбосова Нарияна, “Үчүгэй даҕаны”, Хамаҕатта ОО, 1 ст.дипломант-Кудрина Айыына, “Туллукчаана”,  Хамаҕатта ОО, 2 ст.дипломант-Никонова Софья, “Сибэккиттэн күн тахсар”, 3 ст.дипломант-Петров Миша, НУГ. Ырыа куонкуруһун бастыҥнара дипломнарынан, грамоталарынан уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.    Нам улуустааҕы үөрэх управлениета спонсордарыгар “Колми” ХЭТ (ген.дир. Н.Л. Румянцева), ИП В.И. Соловьевка, “Лакшми” таҥас маҕаһыыныгар (ИП В.Ю. Кривогорницын), “Нива” маҕаһыыҥҥа (ИП Е.В. Молчанов) махталларын тиэрдэллэр, күрэх кыттааччыларыгар үүнэ-сайда туралларыгар, салайааччыларга  ситиһиилээх үлэни баҕараллар. Ырыа түһүлгэтин кэрэ күнүгэр оҕо саас ырыата эҥсиллэ дьиэрэйдэ.

Касьян Олесов-Олук

 

Читайте дальше