Саха киһитэ өйө-санаата, этэ-хаана төрүт удьуорунан бэриллэр. Төрүттэрин, өбүгэлэрин олорбут алаастара, сирдэрэ эйигин мэлдьи кэтэһэр. Эйигин кытары тэҥҥэ, эн төрүүргэр үүммүт ото-маһа эйигин суохтуур, ыҥырар. Ол – олох сокуона. Дьэ, ол иһин өбүгэбит сирин бырахпакка ыччаттарбытыгар хаалларар, ыччаппытыгар көрдөрөр эбээһинэспит диэн бэлиэтиибин.
Мин бүгүн “ыһыллыы” кэмигэр, тыа хаһаайыстыбата ыһыллыбытын кэнниттэн, аймаҕы түмэн, сүөһүлэрин, сылгыларын холбоон иитэри тобулбут, ону тэрийбит, күн бүгүнүгэр диэри аймахтарын үлэнэн хааччыйан, ыччаты угуйар, түмэр Александр Николаевич Ядреев туһунан бар дьоҥҥо кэпсиэхпин, сырдатыахпын баҕардым. Кини “Ымыйах” диэн бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, аймахтарын сүөһүтүн холбоон, бааһынай хаһаайыстыбаҕа чилиэнинэн ылаттаан, үлэлээн оҥорон, аймаҕынан ыһыллыбакка, бэйэттэн кэлэр бородууксуйаны туттаран, харчыланан, сөпкө дьаһаныы суолугар үктэннэрбит үтүөлээх. Ыччаттара ийэлэрин, аҕаларын ферматыгар, отонноон да, оттоон да, тыа сирин романтикатыгар тардыһалларын биллим. Ону барытын төрүттээбит киһинэн кырдьаҕас убайдара Александр Николаевич Ядреев буолар.
Асфальт суол устун айаннатан, сырылатан хайа быыһыгар олорор Кангаласс бөһүөлэгэр тиийэбин. Сирин ньуурун Сочига сылдьыбыт санаторийбар майгыннаттым. Сирин ньуурунан, салгынын чэбдигинэн киһи доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр туруктаах сир турар дуу дии саныыбын. Салгыы мас-от толору үүммүт, хайалаах мыраан сиринэн Үөдэйим сайылыгар тиийэр былааннаах, сатыы Кангаласстан ол диэки айан суолун батыстым. Сотору соҕус утары кыыс оҕо массыына уруулун тутан айаннатан иһэрин көрдүм. Миигин көрөн массыынаттан тахсан, хайа диэки баран иһэрбин ыйыталаста.
“Дом рыбака” диэн куорат олохтоохторо сылдьан сынньанар сирдэриттэн иһэрин биллэрдэ. Онон кэлэн истэххэ алаастары ааспытын этэр. Итиэннэ картанан 2ГИС көрөн, эн тиийиэхтээх сиргин булларыам, илдьэн биэрэбин диэтэ. Мин үөрүүнэн сөбүлэстим. Мин уруккулуу “Мохсоҕоллоох” сайылыга диибин. Картаҕа туох эрэ көстөр да суруга суох диэн буолла. Ол көстөр бэлиэлээх сир диэки айаннаан, икки алааһы ааһан тиийбиппит, “Бааһынай Хаһаайыстыба “Ымыях” диэн суруктаах улахан титиик уонна алааһы төгүрүччү дьиэлэр тутуллубуттар. Бу А.Н. Ядреев балтыларыгар тэрийбит ферматыгар тиийэн кэллибит.
Мегафон вышкалара чугас тураллар этэ. Аныгылыы олох тэтиминэн олороллоро миигин үөртэ. Мин санаатым, арай айан суола Кангаласс диэки салгыы оҥоһуллан хааллын… Массыыналаах дьон манан холкутук айанныа эбиттэр, сырыы баар буолуо эбит. Кангаласстан асфальт суол устун куоратын бу турдаҕа дии. Кангаласстан суола хаһыылаах буолан, массыына 25 мүнүүтэнэн сайылык фермаҕа тиийдэ. Оҥоһуулаах суол эбитэ буоллар, 10 мүнүүтэнэн Кангаласска тиийэр эбиккин. Нам Үөдэйиттэн Мохсоҕолооххо диэри суолу Александр Николаевич “Үөдэй” совхоз директорынан үлэлии олорон оҥорторбута. “Тоҥ-Бас” ферматын суолун эмиэ кини оҥорторон турар. Билигин фермалар үүттэрэ барыта бу суолунан Үөдэйгэ киирэн Нам собуотугар таһыллар. Онон биири бэлиэтиэхпин баҕарабын, суолу оҥорторуу – тыа сирин сайдыытыгар биир тыын боппуруос. Суол баар – тыа сирэ сайдар. Ыччат түмсэр. Билиҥҥи ыччат бары тимир көлөлөөхтөр, ол аата массыыналаахтар, бары массыыналаахтара даҕаны.
Дьэ, онон ыччат суолу тутуу идэтин хото баһылыан наада. Бу биир наадалаах идэ, биһиги ыччаппытыгар ситэ-хото тарҕана илик идэ. Билиҥҥи кэм сэдэх уонна наадалаах идэтэ. Маны ыччаппытыгар пропагандалыыр, тиэрдэр, өйдөтөр эбээһинэстээхпит. Билиҥҥи ыччат бэйэтин олоҕун бэйэтэ дьаһанар кэмэ тирээн кэллэ. Аныгы технология күүскэ киирэ турар кэмигэр.
Биир киин сиргэ түмүллэн хаалбакка, киэҥ сирбитин туһаҕа таһаарыы, тарҕанан өбүгэлэр сирдэрин бырахпакка олохсуйан, бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын сыанаҕа туруоруу диэн баарын ыччат өйдүөх тустаах.
Тыа сиригэр олохсуйууну сүтэрдэхпитинэ оскуолалар эстиэхтэрэ. Атын омук аһа-үөлэ, амтана кэлэр. Оҕолорбут ол аһынан аһаатахтарына доруобуйалар мөлтүүр, эдэр ийэлэртэн доруобуйаларынан мөлтөх оҕо төрөөһүнэ элбиэн сөп. Ыччат кэхтиитэ барыан сөп. Онон бэйэбит сирбитигэр үүммүт оҕуруот аһа, хортуоппуй, бэйэбит эппит-үүппүт бренд буоларын ситиһиэххэ. Эдэр төрөппүттэр оҕолорун олохтоох аһынан аһаталларын көҕүлүөххэ. Дьэ, бу буолар инники олох кэскилэ. Маны этэн тураммын, тыа сиригэр көрүллэр бары субсидияны, программалары туһанан, көхтөөх үлэни-хамнаһы өрө тутан дойдубут туһугар олоруоҕуҥ, үлэлиэҕиҥ.
Александр Николаевиһы бэйэтин кытары телефонунан кэпсэтэн, үлэ-хамнас туһунан ыйыталастым. Бааһынай хаһаайыстыба маҥнай тэриллиитигэр кэргэнэ Марина Афанасьевна экономическай өрүттэри, харчы көрүллүүтүн кыайа-хото саҕалаабытын этэр. Хаһаайыстыба Марина Афанасьевна эрэллээх илиитигэр сылдьыбыт. Кэлин хаһаайыстыбаны эдэр киһиэхэ – сиэннэригэр эрэммиттэр. Сири-уоту бас билээччи эдэр эрчимнээх сиэннэрэ буолбут. Сөп ээ, билиҥҥи ыччат өбүгэлэрин төрдүлэрин сирин бас билэр сир баайдаах буолуохтаах. Билигин доверенноһынан Александр Николаевич бэйэтэ бааһынай хаһаайыстыбаны салайарын эттэ. Бааһынай хаһаайыстыбанан бытарыйан үлэлиир көдьүүһэ кыратын, сири-уоту туһаныы кыамталаахтык барбатын, сүөһү ахсаана өлгөмнүк эбиллибэтин этэр. Урут совхоз саҕана сүөһү ахсаана муҥутуур элбэҕин, дьон коллективынан үлэтин салайбытын ахтар. Билигин ыччаттарбытын саатар тыа сиригэр бас билэр сирдээх-уоттаах буолалларын ситиһиэххэ. Оннук политиканы үөһэттэн ыытыахха диир.
Мин манна 100 % сөбүлэһэбин. Сири-уоту бас билиигэ ылан, кэлэр көлүөнэ ыччаттарбытыгар хаалларан, саха киһитэ сир баайдаах буоларын ситиһиэхтээхпит. Оччоҕо ыччат тыа сиригэр тардыһыыта күүһүрүө. Мин баайым тыа сиригэр сытар диэн өйдөбүл үөскүө. Кэлин бэйэтин оҕолоругар баайын-дуолун, бас билэр сирин хаалларар эбээһинэстээҕин өйдүө.
Сир баар – киһи бараммат баайа. Ону туһаҕа таһааран, олохпут уйгутун оҥостобут диэнинэн суруйуубун түмүктүүбүн.
Үөдэйтэн төрүттээх Татьяна ФЕДОТОВА-ГОВОРОВА, 1989-2014 сс. Үөдэй орто оскуолатын учуутала