ССРС культуратын туйгуна, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, олоҥхоһут, алгысчыт, норуот ырыаһыта, импровизатор хомусчут, Нам улууһун, Таастаах, Бартыһаан нэһилиэктэрин Ытык киһитэ Дмитрий Иванович Кривошапкин 2025 сылга төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах «Туой-ыллаа, хомуһум» үрүҥ көмүс Ытык бэлиэни Д.И. Кривошапкин аатынан «Хомус» фольклор дьиэтэ, «Дьүрүл» норуот ансаамбыла дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаарда.
Ол курдук, сэтинньи 23 күнүгэр Таастаах, Искра, сэтинньи 26 күнүгэр Түбэ, Маймаҕа, Хатырык, Модут, Бөтүҥ, Хатыҥ Арыы (Кыһыл дэриэбинэ, Граф Биэрэгэ), сэтинньи 28 күнүгэр Нам, Хамаҕатта, Никольскай, 1 Хомустаах, Үөдэй, сэтинньи 29 күнүгэр куйаар ситиминэн Салбаҥ, Көбөкөн, Фрунзе, 2 Хомустаах, Арбын нэһилиэктэригэр туттарыахпыт.
«Туой-ыллаа, хомуһум» үрүҥ көмүстэн кутуллубут Ытык бэлиэбит ааспыт субуотаттан Дмитрий Иванович төрөөбүт- үөскээбит Таастааҕыттан үбүлүөйдээх сылы көрсө айанын суолун аспыта. Хас биирдии нэһилиэккэ «Дьүрүл» норуот ансаамбыла күргүөмүнэн хомус тардан дьүрүһүтэн уруйдуур.
Бу бэлиэни былырыын, 2023 сыллаахха, Партизан нэһилиэгин кэрэ аҥаардара тэрилтэлэринэн хомуйбут үрүҥ көмүһүттэн куттаран оҥорбуппут. Быйыл Ытык бэлиэни улууспут нэһилиэктэрин олохтоохторугар билиһиннэрэ, көрдөрө сылдьабыт. Эһиил Дмитрий Кривошапкин төрөөбүтэ 85 сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ барар санаалаахпыт.
Полина СКРЯБИНА, Партизан