Улуу Кыайыы күнүн дуораана

Ыам ыйын 9 күнэ – уот ардах сэриитин толоонугар охтубут хорсун буойуттарбытын, ытык-мааны бэтэрээннэрбитин, тыылга харса суох үлэлээбит дьоммутун ахтар, махтанар, сүгүрүйэр ытык күммүт. Бүгүн Нам улууһун киинигэр Кыайыы скверигэр Улуу Кыайыы 79 сылыгар анаммыт долгутуулаах тэрээһин ыытылынна.

Миитиҥҥэ «Нам улууһа» МТ баһылыгын э.т. Анатолий Павлов, Нам улууһун депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Винокуров, улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Софья Кобякова, эдэр көлүөнэ аатыттан Нам улуустааҕы гимназиятын директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Егор Протопопов тыыл бэтэрээннэрин, сэрии огдооболорун, сэрии сылларын оҕолорун, мустубут дьону-сэргэни, ыччаты, оҕолору истиҥник эҕэрдэлээтилэр.

Кинилэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайбыт аҕа көлүөнэҕэ сүгүрүйэн, ыраас халлааны, көҥүл олоҕу бэлэхтээбит буойуттарбыт үтүө ааттарын үйэтитэргэ, кинилэр бойобуой суолларын, олохторун оҕолорго, ыччакка тиэрдэргэ, Ийэ дойдуну таптыырга иитиигэ үлэ ыытылларын бэлиэтээтилэр.

Улуу Кыайыыны уһансыбыт саллааттарбытын, эйэлээх олоҕу тутуспут тыыл бэтэрээннэрин кэриэстээн Кыайыы пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Мустубуттар кинилэргэ сүгүрүйэн сөҥүөрэн, чуумпуран ыллылар. Умуллубат уокка байыаннай таҥастаах оҕолор солбуйса сылдьан бочуоттаах караулга турдулар. Буойуттарбыт Албан ааттарын иннигэр Кыайыы салюта сатараата.

Оскуолалар волонтер оҕолоро бэтэрээннэргэ, аҕам саастаах кырдьаҕастарга «Хонуу куухунатын» сэрии сылларын санатар хааһытын, хара килиэбин, итии чэйин утары ууннулар, дьон-сэргэ эмиэ амсайда.

Кыайыы скверин үрдүнэн харах уулаах, ол эрээри сырдык бырааһынньык күн уоттаах сэрии сылларын ырыалара эйээрэ дьиэрэйдилэр. Мустубуттар оҕолор тутан киирбит суруктаах Кыайыы кыһыл уһун болотунатын аттыгар хаартыскаҕа түһэн бырааһынньык түгэнин үйэтиттилэр.

Касьян Олесов-Олук

 

 

 

 

Читайте дальше