Партизан нэһилиэгэр алтынньы 28 күнүгэр муус ылыытыгар улахан субуотунньук буолла.
Бу суолталаах тэрээһиҥҥэ нэһилиэкпит тэрилтэлэриттэн: оскуола, “Хомус” фольклор дьиэтин, спортивнай саала, уһуйаан эр дьоно үлэлээтилэр.
Бортовой УАЗ массыыналаах нэһилиэкпит уолаттара: Гаврильев Станислав, Москвитин Гаврил, Колесов Иван, Аргунов Михаил мууһу тиэйэн тастылар. Турантаев Николай, Христофоров Аян ис санааларыттан кэлэн көмөлөстүлэр.

Мууһунан көмө байыаннай дьайыыга кыттар уолаттар төрөппүттэригэр , соҕотох олорор кырдьаҕастарга оҥоһулунна. Барыта 46 ыал муустанна.
Нэһилиэкпит эр дьоно бары бииргэ түмсэн үлэлээн-хамнаан, биир улахан үлэни үмүрүттүлэр, нэһилиэкпит дьонун махталын ыллылар.
Нэһилиэкпит эр дьонугар өрүү көмөҕүт иhин махтанабын.
Администрация үлэһит уолаттара дьиэбитигэр муус аҕаллылар , улахан махтаал, саастаах дьоҥҥо көмөлөһөллөрө — үтүө санаа. Эһиэхэ үлэҕит ситиһиилээх, барыта этэҥҥэ буоллун.
Бэҕэһээ муус аҕалбыт уолаттарга улахан махталбын тиэрдэбин. Бу курдук биир сомоҕо буолан ситиһии сиэтиилэх, табыллыы тардыылаах этэҥҥэ сылдьыҥ.
Полина Скрябина



